Мин Иннокентий Иннокентьевич Акимовы көрсүөм иннинэ, кинини олоҕу олорбут, саастаах киһи буолуо диэн харахпар ойуулуур этим. Онтум эдэр, эрчимнээх киһи буолан биэрдэ. Иннокентий көрсүө-сэмэй, ис-киирбэх, бүлүүлэрдии эттэххэ, бааһынай хааннаах, куудара баттахтаах, тыла-өһө сэргэх. Өссө мындыр өйдөөх, талба талааннаах эбит диэн сыаналаатым.
Кинини үлэлиир мастарыскыайыгар көрүстүм. Онно тимир арааһа, туттар тэрил, уһанар, чочуйар станок элбэҕэ. Сөбүлүүр дьарыгын туһунан умсугуйан туран сэһэргиир, ол иһин кэпсэтэргэ чэпчэки буолан биэрдэ.
Кэпсээнин истэ олорон, ол түгэҥҥэ баар буола түһэҕин, оннук угуйар тыллаах-өстөөх. Оҕо сааһын кэпсииригэр, хараххар кини кыра сылдьарын ойуулаан көрөҕүн.
Киһи талааннаах да буолар эбит! Баҕа санаа, кэскилгэ, сырдыкка талаһыы эрэ наада. Ол да буоллар, уһуйааччыттан, учууталтан эмиэ тутулуктаах.
Иннокентий Иннокентьевич айар дьарыгын кыратыттан саҕалаабыт. Художественнай оскуолаҕа биллиилээх муосчут Константин Меркурьевич Мамонтовка үөрэммит уонна орто оскуоланы бүтэриэр диэри дьарыктаммыт. Ол кэмҥэ араас быыстапкаларга кыттыбыт. VIII кылааска үөрэнэ сылдьан, Москваҕа норуот хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар I миэстэни ылан, Японияҕа норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкаҕа кыттар путевканы ылбыт. Кини этэринэн, ол кэмҥэ саха муосчуттара наһаа биллэ иликтэрэ. Ыйыталаһан, кэрэхсээн бөҕө буолбуттар үһү. Бу ситиһии кэнниттэн, бэйэтигэр эрэнэн, Дьокуускайдааҕы художественнай училище «Декоративно-прикладное искусство» салаатыгар мастан кыһан оҥоруу көрүҥэр киирбит.
Маһынан уһаныы элбэх анал тэрили эрэйэр, сэдэхтик көстөр, сыаналара ыарахан буолар эбит. Онон аан бастакы тимир оҥоһуктара бэйэтэ туттарыгар аналлаах тэриллэр. Онтон 2010 сылтан урбаанньыт буолан, тимиринэн дьарыгын саҕалаабыт. Бу иннинэ онно-манна сылдьан, дьону кытта билсэн, кэпсэтэн, элбэҕи көрбүт-истибит. Ол курдук, Тааттаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка уонна, дойдута Бүлүү уустарын кытта алтыһан, ыйыталаһан, көрөн үөрэммит.
Бүгүн И.И. Акимов Саха сиригэр биллэр тимир уустарыттан биирдэстэрэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дархан Уус» быыстапкаҕа кини охсубут быһахтара бириистээх миэстэлэри ылаллар. Оттон муосчут быһыытынан, араас күрэхтэһиилэргэ эмиэ бастыҥнар ахсааннарыгар киирсэр.
2016 сыллаахха «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕин кыайыылааҕа. Иннокентий этэринэн, бу дьиэ кэргэн барытын ситиһиитэ буолар. Кэргэнэ Софья Иннокентьевна дьахтарга ураты дьарыктаах – тимир ууһа! Реворий Чемчоевка уһуйуллубут. Билигин кини хомустарын дьон барыта билэр. Үс оҕолоро үһүөн дьарыктаах дьон: улаханнара Арина финансовай-экономическай кэллиэскэ үөрэнэр. Кини араас сувенирдары оҥорор. Коля тимиринэн уһанар. Кыра кыыс хаалсыбат, бэйэтигэр таҥас тиктэр.
Иннокентий Иннокентьевич атын оҕолору эмиэ дьарыктыыр эбит. Кини этэринэн, урукку кэмҥэ оскуолаларга уһуйаан диэн баара. Онно биллиилээх маастардар сыһыаннаах аҕыйах оҕону талан ылан, бэйэлэрин сатабылларыгар үөрэтэллэрэ. Оннук билигин суох.
– Урукку кэмҥэ бүлүүлэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн аатырарбыт, оҕолор оҥоһуктарын быыстапкатыгар бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьарбыт, – диэн санаатын этэр. Ол иһин маастар билигин бэйэтин уолун кытта кини бииргэ үөрэнэр табаарыстарын дьарыктаабыта хаһыс да сыла. Оҕолор бэйэлэригэр быһах, уһанар тэрил оҥостубуттар.
– Мин санаабар, уол оҕоҕо маннык дьарыктанарыгар толкуй киириэхтээх. Бу уолаттар быһах охсоллорун кэтээн көрдөхпүнэ, өйдөрө-санаалара быдан уларыйар курдук. Күнү быһа көмпүүтэргэ олорбокко, илиилэринэн үлэлээбиттэрэ быдан туһалаах. Онтулара инники олохторугар наадалаах. Билиҥҥи кэмҥэ сорох эр киһи быһаҕы да сатаан сытыылаабат түгэнэ баар. Кини дьиэ-уот тэриннэҕинэ, өтүйэни тутар, быһаҕын сытыыланар буоллаҕына сатанар, – диир.
Билигин кини өссө биир бырайыакка үлэлэһэ сылдьар. Аҕалар түмсүүлэрин иһинэн «Аҕа үөрэҕэ» диэн бырайыак баар. Манна ким эрэ уолаттары булка үөрэтэр, ким эрэ балыктатар, оттон кини тимиринэн уһаныыга уһуйар. Быйыл сайын, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору чөлүгэр түһэрэр «Кэнчээри» киин уолаттарын дьарыктаабыт. Тимир хайдах кытарарын, хайдах таптайыллыахтааҕын көрдөрөн, «Кэнчээри» уолаттара тимиринэн сибэкки иһиттэрин оҥорбуттар. Бу үөрэх сайын аайы ыытыллара былааннанар. Маастар инникитин «Хомустаах» этнографическай комплекска анал базаны оҥостон, сайын аайы оҕолору дьарыктыыр уус кыһатын тэрийэр санаалаах. Оччоҕо уол оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын туһалаахтык атаарарыгар көмөлөһүө.
Түбүктээх үлэлээх маннык киһини көрсөн кэпсэттэххинэ, сүргэҥ көтөҕүллэн, бэйэҥ эмиэ тугу эрэ айыаххын, оҥоруоххун баҕараҕын. Мин эмиэ оннук турукка киирбит курдук буоллум.
Биһиги Бүлүүбүтүгэр маннык айар талааннаах, ураты көрүүлээх-истиилээх, амарах санаалаах дьон баарынан киэн туттабын.
Влана ВАСИЛЬЕВА,
XI кылаас.
Н.И. Протопопова аатынан “Кэскил” киин.
“Репортер” пресс-киин.
Бүлүү.