Сэрии быдан иннинэ алаастарга баар кыстык дьиэлэргэ үс муннуктаах уһаайбалар бааллара үһү. Бу сирдэрин дьиэлээх дьон бэйэлэригэр оттуур сир оҥостоллор эбит.
Бу түбэлтэ буолбута ырааттаҕа. Ол эрээри, хам-түм, окко киирии саҕана “күөдьүйэн” тахса турар. Кэмэ оннук түбэһэр буоллаҕа. Биирдэ Сэмэн диэн оҕонньор кыстыгын уһаайбатыгар от төһө үүммүтүн көрө барбыт. Алааһын сыырын түһэн иһэн көрдөҕүнэ тэлгэһэтин отун биир киһи охсон куйаарда ахан сылдьар үһү. Сэмэн ону көрөн, ыксаан хаһыытыы-хаһыытыы, аллараа сүүрэн бэдьэйбит. Сыыртан түһүү буолан, санаатыгар, түргэнэ сүрдээх. Тэлгэһэтигэр начаас чугаһаабыт. Хараҕа көрөр сиригэр тиийэн, тыын ыла таарыйа, от охсооччута кимин билээри, кыҥастаспыт. Арай… илэ бэйэтинэн от охсо турар үһү! Сэмэн алҕаһаатым быһыылаах дии санаан, хараҕын ньуххана-ньуххана көрбүт да, илэ бэйэтэ кубулуйбатах. Оҕонньор итинтэн этэ саласпыт, эргиллэ түспүт даҕаны, кэлбит суолунан төттөрү харбыаласпыт. Куттаммыта бэрт буолан, кэннин олох хайыспатах. Сыыр үрдүгэр тахсан баран, биирдэ эргийэн, өтөҕүн диэки көрбүт. От охсооччу ханна даҕаны көстүбэт, өтөҕө уруккутунан турар үһү. Сэмэн аньыырҕаан да, куттанан да, иккиһин барбатах, сайылыгар төннүбүт.
Түбэлтэтэ эбитэ дуу, биттэммитэ эбитэ дуу, Сэмэн өр буолбатах, өлөн хаалбыт.
Г.П.Бурнашев-Хабырылла Илгэн «Олоххо буолбут дьиҥнээх чахчылар» дьиэтээҕи кинигэтиттэн.
Николай Гольдеров уруһуйа.
(Атын кэпсээннэрин «Кэскил» хаһыат 46 №-гэр аах).