Арай эн күрэхтэһэн 20 тыһыынчаны ылбыккын? Тугу гыныаҥ этэй? Оттон Ильдар Птицын тустууга чемпионнаан, 20 тыһыынча харчыны кырдьык, туппута. Кини Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тумул нэһилиэгэр олорор. Үс оҕолоох ыалга саамай улаханнара. Тустуунан үһүс кылаастан дьарыктанар. 20 тыһыынча бирииһи тутан баран, бастаан наһаа долгуйбут. Итэҕэйбэтэх. Дьиэтигэр тиийэн баран биирдэ кэмбиэри арыйбыт. Бирииһин харчытыттан 10 тыһыынчаны дьонугар көмөлөһөн биэрбит уоннааҕытын хаачыстыбалаах спортивнай таҥас атыылаһыам диэн уурбут.
Спорт күүһү-уоҕу эрэ буолбакка, киэҥ толкуйу, чугас дьоҥҥо көмөлөһөр киэҥ санааны эмиэ иҥэрэр. Ону биһиги бүгүн Ильдар Птицын кыайыытын холобуругар көрдүбүт.
ЧУОРplus рубрика ыытааччыта Артем Чупров, өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт V кылааһын үөрэнээччитэ.
ЧУОРplus рубрика үлэтигэр В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын I «Г» кылааһын үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар, салалайааччы Александра Антоновна Борисова.