Тохсунньу 31 күнүгэр Ил Түмэн депутата, тутуу уонна олохтоох салайыныы кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Прокопьев Владимир Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгэр олохтоохтору кытары көрүстэ.
Кини Саха сиригэр туох политическай хамсааһыннар буола туралларын, ханнык саҥа сокуоннар, бырайыктар киириэхтээхтэрин кэлэн сырдатта.
Владимир Михайлович: «Өрөспүүбүлүкэбит нэһилиэнньэтин ахсаана аҕыйах тыһыынчаннан биир мөлүйүөҥҥэ тиийбэтэ, хотугу улуустартан, тыа сириттэн киин куоракка көһүү элбээтэ, Дьокуускай куораппыт уон сыл устата 62 000 киһинэн эбилиннэ» — диир. Ол түмүгэ сокуону оҥорууга, олохтоох салайыныы боппуруостарыгар эмиэ улахан дьайыылаах буолар диэтэ. Чуолаан олохтоох салайыныыга уларыйыылар киирээри тураллар. Онтон да суол-иис, авиация сайдыытыгар, доруобуйа харыстабылыгар туох тутуулар киирэллэрин чопчулаата: медицинскэй институт саҥа корпуһа, инфекционнай балыаһа, уо.да атын объектар тутуллуохтаахтарын, өрөмүөннэрэ ыытыллыахтааҕын туһунан эттэ. Өлүөнэ өрүһү ыраастааһын үлэтин программата олоххо киллэриллибитин туһунан эмиэ кэпсээтэ.
Өрөспүүбүлүкэ уопсай бюджетын кээмэйэ сылтан сыл аайы күүскэ эбиллэ турар эбит, холобура 2018 сыллаахха 180 млрд. буоллаҕына, билигин 300-тэн тахса млрд.-ка тиийбит. Бу өрөспүүбүлүкэбит бюджетын, хайдах тыыралларын Владимир Михайлович чопчулаан быһаарда. «Санкциялар дойдубутугар биллэриллэн, биһиги оҥорон таһаарыыбыт элбиэхтээх, ирдэбили сабыахтаах. Ону барытын учуоттаан Ил Дархан быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр үлэ сылын биллэрдэ» — диэн депутат этэр.
«Билигин биһиги дойдубутугар сүрүн сыал — анал байыаннай дьайыы түмүктэниитэ. Ыччаттарбыт бары тыыннаах, этэҥҥэ эргиллэн кэллиннэр диэн бары баҕа санаалаахпыт.
Анал байыаннай операция түргэнник, биһиги туспутугар кыайыылаах түмүктэниэн, эйэлээх олох төннөн кэлиэн наада. Сайдарбытыгар бигэ туруктаах буолуу баар буолуохтаах » — диэн депутат бэйэтин санаатын этэр.
Мин көрсүһүүгэ сылдьан санаам сааһыланна, араас олохтоох салайыныы боппуруостарыгар, сокуоннааһыҥҥа билиим хаҥаата. Бу үөрэх дьылыттан бу үһүс мунньахпар сырыттым уонна оҕолорго эмиэ көтүппэккэ маннык хабааннаах көрсүһүүлэргэ, мунньахтарга сылдьалларыгар сүбэлиэм этэ.
Анжелина Жданова, «Ыллык» эдкорпост, Ньурба, Хаҥалас.