Ил Дархан Айсен Николаев үгэс курдук «Үтүө санаа харыйата» акцияҕа кытынна уонна оҕолор баҕа санааларын толордо.
«Бу сырыыга миэхэ «Берегиня» оҕо дьиэтин иитиллээччилэрэ Сема, Данил, Максим уонна Мая баҕа санаалара түбэстэ. Данилга уонна Максимҥа лего оонньуур, Семаҕа радиоуправляемай массыына, Маяҕа улахан плюш эһэни ыллым. Сотору оҕолорго тиийиэҕэ», — диэн Ил Дархан Facebook ситимҥэ суруйар.
«Үтүө санаа харыйата» Улуру Молл атыы-эргиэн дьиэтигэр ыытылла турар. Бу үтүө аахсыйаҕа ким баҕалаах кыттыыны ылыан уонна оҕолорго саҥа дьыллааҕы бэлэҕи уунан, баҕа санааларын толоруон сөп.