Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо быраабыгар боломуочунай Туйаара Васильевалыын көрсүһүүтүгэр тулаайах уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор бырааптарын уонна интэриэстэрин көмүскээһин боппуруостарын дьүүллэстилэр.
Туйаара Васильева Оҕо быраабыгар боломуочунай үлэтигэр үс ыйдаах түмүктэри таһаарда уонна этиилэри киллэрдэ.
«Биһиги оҕолорбутугар ханнык да куттал суоһаабатын, бары өттүнэн сайдалларыгар уонна улааталларыгар кыах баар буоларын туһугар наадалаах усулуобуйалары барытын тэрийиэхтээхпит. Саха сиригэр дьиэ кэргэн уонна оҕолор иртэриэстэрин көмүскэлигэр хайысхаламмыт киэҥ хабааннаах үлэ барар, сокуон базата оҥоһуллар, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биллэрбит РФ Оҕо саас уон сылын чэрчитинэн соруктар быһаарыллаллар. Бу үлэҕэ чопчу түмүктэр бааллар, ол гынан баран, өссө да элбэҕи оҥоруохха наада», – диэтэ Айсен Николаев.
Кини тулаайах уонна сайдыыларыгар уратылаах оҕолорго анаан ыытыллар үлэлэр суолталаахтарын бэлиэтээтэ, оҕону дьиэҕэ ылар ыаллар кыһалҕаларыгар уонна обургу оҕо буруйу оҥорорун сэрэтиигэ түмсэргэ сорудахтаата. Оҕолору төрөппүттэри солбуйар ыалларга салгыы олохтуур туһугар быстах кэмҥэ олорор дьиэни биэрэн туран, идэлээх дьиэ кэргэн институтун сайыннарар наада. Айсен Николаев Туйаара Васильева өрөспүүбүлүкэҕэ идэлээх төрөппүттэр институттарын тэрийэр наадатын туһунан этиитин өйөөтө.
«Оҕо дьиэлэригэр билигин биир дьиэ кэргэнтэн олус элбэх оҕо баар. Ону таһынан инбэлииттээх эбэтэр улахан саастаах оҕолору атын дьиэ киэргэҥҥэ олохтуур ыарахан соҕус», – диэн Туйаара Васильева санаатын үллэһиннэ.
Айсен Николаев ураты болҕомтону обургу оҕолору кытары үлэ эрэйэрин бэлиэтээтэ. Муниципальнай тэриллиилэргэ барыларыгар обургу оҕолор алтыһалларыгар, сайдалларыгар, успуордунан дьарыктаналларыгар ыччат былаһааккаларын тэрийиэххэ наада. Туйаара Васильева көрсүһүү түмүгэр Айсен Николаевка Сирияҕа байыаннай дьайыылар кэмнэригэр төрөппүттэрэ суох хаалбыт икки кыра оҕону аҕалыыны тэрийэргэ көмөлөспүтүгэр махтанна.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Мария ВАСИЛЬЕВА түһэриитэ