Үгэскэ кубулуйбут Ил Дархан Харыйатын тэрээһинигэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһун В.Н.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатыттан 11 кылааһын туйгун үөрэнээччитэ Петрова Сандаара кыттар чиэскэ тигистэ. Сандаара сөбүлүүр дьарыгын, ханнык үөрэххэ туттарсыан баҕарарынын туһунан биһиги ыйыттыбыт.
— Үтүө күнүнэн, Сандаара, маннык тэрээһиҥҥэ сүүмэрдэнэн киирэн баран эрэргинэн эҕэрдэлиибит. Төһө долгуйаҕыный?
— Ил Дархан Харыйатын кыттыылааҕа буоларбыттан наһаа долгуйабын. Маннык суолталаах тэрээһиҥҥэ талыллан киирбиппиттэн олус үөрэбин. Саамай сүрүнэ осуолам чиэһин көмүскүү барарбыттан олус дуоһуйабын.
— Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаргын сөбүлүүгүнүй?
— Кыра эрдэхпиттэн уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн. Арааһынай уруһуй күрэхтэригэр ситиһиилээхтик кыттабын. Оскуолам «Медиа-киинин» юнкорабын. Харбыырбын туохтааҕар да ордоробун, астынабын. Доруобуйаҕа олус туһалаах уонна ис турукпар үчүгэй иэйиилэри биэрэр. Ону таһынан кинигэ ааҕарбын сөбүлүүбүн. Детектив жанры сөбүлээн ааҕабын, ордук Агата Кристи кинигэлэрин сэҥээрэбин. Кыыс оҕо буоларым быһыытанан араас минньигэс аһы астыырбын сөбүлүүбүн.
— Биир кэлим эксээмэҥҥэр ханнык биридиэттэри туттараары сылдьаҕыный? Ханнык идэни баһылыыр баҕа санаалааххыный?
— Биир кэлим эксээмэҥҥэ английский язык уонна обществознание биридимиэттэрин талбытым. Журналистика эбэтэр туризм хайысхатыгар туттарсар баҕа санаалаахпын.
— Оҕолорго туох баҕа санааны тиэрдэҕиҥ?
— Оголорго баҕарыам этэ үөрэхтэригэр ситиһиини. Кыһамньылаахтык, дьаныардаахтык сөбүлүүр дьарыккытынан дьарыктанын. Элбэх арааһынай күрэхтэргэ кыттан иһин. Кэнники ситиһиилэргит олус диэн туһалыахтара. Дьоҥҥутугар куруук көмөлөһө сылдьыҥ.
Сандаара, эксээмэннэргэр ситиһиилэри баҕарабыт. Ил Дархан Харыйатын тэрээһинэ чаҕылхай, умнуллубат түгэннэри, доҕоттордору бэлэхтээтин. Оскуолабыт үөрэнээччилэригэр бастыҥ холобур буолаҕын!
Павловскай орто оскуолатын медиа-киинэ