Бүгүн, ол эбэтэр ахсынньы 23 күнүгэр, Саха циркэтигэр өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан, куораттарыттан 700-чэкэ үөрэнээччи Ил Дархан Харыйатыгар тоҕуоруһа муһунна.
Бастыҥнары чиэстиир бу үтүө үгэһи маҥнайгы Президеммит М.Е. Николаев 1998 сыллаахха олохтообута. Бастакы сылга ыҥырыллыбыттар фотоаппарат тутан үөрбүттэрэ, оттон эһиилигэр көмпүүтэр биэрэн соһуппуттара. Дьэ, ол сюрприз элбэх үөрэнээччини туйгун үөрэххэ, актыбыыс буоларга угуйбута, өрөспүүбүлүкэ баһылыгын баалыгар бараарылар, билиигэ-көрүүгэ тардыһыылара күүһүрбүтэ.
Кэлиҥҥи сылларга бириэмийэлэрин харчынан биэрэр буолбуттара. Билигин, барыта баар үйэтигэр, оннук быдан табыгастаах. Быйыл стипендияларын 20 тыһыынчаттан 25000 солкуобайга диэри улаатыннарбыттар.
— Мин бу харчыбынан ноутбук ылыныам. Үөрэхпэр да, дакылаат суруйарбар да олус наадыйабын. Научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ кыттабын. Казаньҥа, Санкт-Петербурга баран, III миэстэ буолбутум, — диир Настя Няникова, Үөһээ Бүлүү И.С. Барахов аатынан 1 №–дээх оскуолатын туйгун үөрэнээччитэ. — Этэҥҥэ буоллаҕына, кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэриэм. Бу үөрэх дьылыгар улууспар обществознание олимпиадатыгар үһүс, физкультураҕа уонна нуучча литературатыгар бастакы миэстэ буоллум. Аны физкультура өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадатыгар кыттыахтаахпын: теория, гимнастика уонна 2 км сүүрүү. Спордунан дьарыктанарым таһынан, оскуолабыт иһинэн үлэлиир “Бараховец” пресс-кииҥҥэ (сал. З.Н. Стручкова) VI кылаастан сылдьабын. “Кэскил” хаһыат ыыппыт “Мисс Кэскил” күрэҕэр 2016 с. “Мисс Спорт” буолбутум. Суруйууларым хаһыакка бэчээттэнэллэр. Элбэх юнкортан талылламмын, бу сайын норуоттар икки ардыларынааҕы интеллектуальнай оонньууларга кэрэспэдьиэннээбитим. Онно бэлэмнээннэр, “Кэскил” медиа-оскуолатын салайааччылара Москваҕа стажировкаҕа илдьэ бара сылдьыбыттара. Аны бу олунньуга Сахалиҥҥа буолар “Азия оҕолорун” кыһыҥҥы оонньууларыгар эдэр кэрэспэдьиэн быһыытынан үлэлии барабын. Быйыл суруналыыстыка салаатыгар туттарсыам. Эбэтэр, ийэм сүбэтинэн, ФЭИ-гэ госсулууспа үөрэҕэр.
Ил Дархан Харыйатын программата наһаа үчүгэйдик аттарыллан оҥоһуллубут. Биир да мүнүүтэ мээнэ сылдьыбакка, расписаниенан экскурсиялар, көрсүһүүлэр, киинэҕэ сылдьыы буолла. Бириэмэбин халтайга ыытарбын сөбүлээбэт киһи тэрээһиниттэн астынным.
***
Бу ый саҕаланыыта Москваҕа үтүөнү оҥорор (доброволец) оҕолор норуоттар икки ардыларынааҕы форумнара буолбута. Онно Саха Сириттэн Ньурба улууһун Сүлэ оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ Ян Афанасьев сылдьыбыта.
—Ити форумҥа мин “Если не мы, то кто?” диэн бырайыагым өрөспүүбүлүкэҕэ бастаан барбытым. Оскуолабар “Сюльскэй сиэннэрэ” диэн хамаанданы тэриммитим. Онно 10 уол сылдьабыт. Саастаах дьоҥҥо хортуоппуйдарын хостоон, мастарын хайытан, хаардарын күрдьэн, муустарын ылан биэрэбит. Ану туран, олохтоох уонна улуус баһылыктарыгар киирэммин, оскуолам иннигэр быласаакка тутар туһунан туруорсубутум. Былаанын барытын көрдөрбүтүм. Сүлэ баһылыга сүүрэр дорожка, улуус баһылыга сырылыыр горка биэриэх буолбуттара. Эһиил бу бырайыак олоххо киирдэҕинэ, наһаа үөрүөм этэ.
Оскуолам “Харысхал” оҕо тэрилтэтигэр VIII кылаастан ыла президеммин. Салайар, тэрийэр, дьону түмэр дьоҕурдаахпын, ол иһин ХИФУ-га саҥа аһыллыбыт “Организация работы с молодежью” диэн салааҕа туттарсыам. ЕГЭ-бэр обществознаниены кытта историяны талбытым. Ил Дархан Харыйатыгар Айсен Николаев илии баттааһыннаах Махтал суругу тутан, үөрүүм икки бүк үрдээтэ.
ССРС норуодунай учуутала М.А. Алексеев аатын сүгэр Баппаҕаайы оскуолатыттан география, ОБЖ, физика, саха тылын олимпиадаларыгар ситиһиилээхтик кыттар Евгений Харлампьев кэлбит.
—“Сосновый бор” кииҥҥэ түһэрдилэр. Оҕо бөҕөнү кытта билистим. Киинэ театрыгар, “Моя Россия” историческай пааркаҕа сырыттыбыт. Иллэҥ кэммэр буулдьанан ытыыга дьарыктанабын. Бүлүү улууһун сүүмэрдэммит хамаандатыгар баарбын. Горнай институкка туттарсыам. Нефть, газ эйгэтигэр үлэлиир баҕа санаалаахпын.
Хамаҕатта саха-француз лицейин бүтэрээри сылдьар Ион Григорьев улууһугар бастыҥ информатик быһыытынан биллэр. Ол иһин IT хайысхатынан үөрэнэр соруктаах.
—Айтишник буолуом, аныгы олох ирдэбилинэн. Алтыс кылаастан ыла роботехниканан дьарыктанабын. Өрөспүүбүлүкэҕэ хаста да бастаабытым. Кубик-рубигы оҥорорбун сөбүлүүбүн. Быйыл спидкубинг чемпионатыгар кыайбытым. Үөрэхпэр туйгуммун. ЕГЭ-лэрбин үрдүк баалларга туттардахпына, кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэриэм.
Харыйаҕа кэлбит үөрэнээччилэри Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ:
—Бүгүн манна 700-чэкэ кэриҥэ оҕо кэлэн олорор. Олор ортолоругар бааллар: туйгун үөрэхтээхтэр, ситиһиилээх спортсменнар, олимпиада кыайыылаахтара, бастыҥ актыбыыстар. Майгыгыт лидердии өрүтүн кыра эрдэххититтэн иитэргит хайҕаллаах. Мин эрэнэбин, аны аҕыйах сылынан эһиги көлүөнэ Саха Сирин өссө үрдүк таһымҥа таһаарыаххыт диэн. Оннук сайдыылаах буола улаатаргытыгар усулуобуйа барыта баар: хаачыстыбалаах үөрэх, кыһамньылаах төрөппүттэр, билиилээх учууталлар, араас элбэх уһуйааннар. Саха Сирэ урут-уруккуттан үөрэхтээһиҥҥэ улаҕан болҕомтотун уурар. Ол курдук, бүгүн Айыы Кыһатын саҥа оскуолатын аһыллыыта буолла. Айыы Кыһата саҥа дьиэлэммитэ өрөспүүбүлүкэ салалтата төрөөбүт тылынан үөрэтиини өйүүрүн туоһулуур. Бүгүн биһиги өссө аан бастакытын ыытыллар “Азия оҕолорун” кыһыҥҥы оонньууларын уотун Сахалиҥҥа атаардыбыт. Ити курдук, кэнчээри ыччат кэскилин туһугар бары түмсэн үлэлиибит, оттон эһиги, оҕолоор, үөрэнэр, билэр-көрөр баҕаҕытын хаһан да сүтэримэҥ. Бу балысханнык сайдар олоххо бириэмэни кытта тэҥҥэ хардыылыыр билиилээх киһи эрэ элбэҕи ситиһэр, айар-тутар, кыайар-хотор. Бука барыгытын кэлэн иһэр 2019 сылынан!
Харыйа кыттыылаахтара “Снежная королева” диэн музыкальнай-цирковой дьүһүйүүнү көрдүлэр, Ил Дарханы кытта бииргэ хаартыскаҕа түстүлэр. Оҕо саастарын бу чаҕылхай түгэнэ кинилэри үрдүккэ кынаттаатын, умнуллубат үтүө өйдөбүл буолан хааллын.
Анисия Иевлева.