Сылын аайы ыытыллар Ил Дархан Харыйата номнуо ааста. Бу долгутуулаах тэрээһиҥҥэ мин Сахабыт сирин Ил Дарханын Айсен Сергеевич Николаевы кытары сэһэргэспит үтүө түгэммин умнуом суоҕа дии саныыбын. Кини эппит суолталаах, туһааннаах тылларын уонна этиилэрин чопчулаан биэриэхпин баҕардым.
Мин ыйытыгым ис хоһооно маннык этэ: — Оскуоланы бүтэрээччи оҕолор сүрүн болҕомтолорун туохха туһаайыахтаахтарын туһунан кини туох дии саныырый?
Айсен Сергеевич оҕолорго сүрүн этиитэ – эрдэттэн бэлэмнэнэн, талбыт үөрэхтэригэр киириилэрэ. Ханнык идэҕэ, ханнык үөрэх тэрилтэтигэр баралларын чопчу билэн оскуоланы бүтэриэхтээхтэр. Болҕомтолорун онно ууруохтаахтар. Быһаарыыны ылыналларыгар кинилэр дьоҕурдарынан, баҕа санааларынан салайтарыахтаахтар. Саҥа сүүрээн – 9 кылаас кэннэ орто анал үөрэххэ киирии. Бу олус үчүгэй, саҥа кэм саҥа идэлэри ирдиир. Онно сөп түбэһэн сөптөөх, туһааннаах үөрэххэ киирэн-бүтэрэн дойдуларыгар туһалаах дьон буолаллара бу кинилэр гражданин быһыытынан сүрүн ирдэбиллэрэ буолар.
Мин Ил Дархаммытын кытары сэһэргэһэн сүргэм олус көтөҕүллэн сылдьар. Кини киһи быһыытынан аламаҕай, бэйэтэ олус өйдөөх, толкуйдаах эбит. Мин кини эппит ирдэбиллэригэр сөп түбэһэн иһэрбиттэн эмиэ туспа үөрдүм. Ол курдук, инники идэбин таламмын номнуо бэлэмнэнэ сылдьабын. Суруналыыстыка эбэтэр култуура умсугутуулаах эйгэлэригэр сыстыам, үлэлэһиэм. Биһиги Хаҥаласпыт оскуолата агро хайысхалаах буолан бүтэрээччи оҕолорго идэ ылбытын туоһулуур сэртипикээти туттарар. Онон мин сотору животновод уонна овощевод идэлээх буолабын. Эбээм курдук үүнээйини сөбүлүүбүн, эбии идэлээхпиттэн үөрэбин.
Кэлэн иһэр 2024 сыл Ил Дархан ыйааҕынан Оҕо саас сылынан биллэрилиннэ. Дьэ, бу үүнэр суолталаах сылга, биһиги оҕолор туох баар сырабытын ууран, көхпүтүн холбоон туһалаахтык атаарыахпытын наада.
Ньурба оройуонун 1-Хаҥалас 11 кылааһын оҕолоро Олег, Анжелина Краснослав, «Ыллык» эдкорпост кэрэспэдьиэннэрэ, тапталлаах «КЭСКИЛ»-бит үлэһиттэригэр махталбытын этэбит уонна истиҥ эҕэрдэ тиэрдэбит! Барыта этэҥҥэ буоллун, эйэ дэмнээх олох туругурдун!
Анжелина Жданова,11 кылаас.
«Ыллык» эдкорпост, Хаҥалас, Ньурба.