Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап туһунан өйбөр-санаабар умнуллубаттык өйдөөн хаалбыт икки түгэнтэн өйдөбүллэрим.
Бастакы түгэн
Биһиги оскуолаҕа үөрэнэр сылларбытыгар Күннүк Уурастыырап дойдутугар биирдэ эмэтэ кэлэн барар этэ. Ол гынан оскуолаҕа сылдьарын, көрсүһэн, ыллаан-туойан барбытын соччо өйдөөбөппүн.
Саамай истиҥ, эт көрсөн, илии тутуһан, бииргэ хаартыскаҕа түһэн ыкса билсиим үөрэммит оскуолабар дириэктэринэн ананан кэлбитим кэннэ 1983 сыллаахха буолбута. Оскуолабыт 60 сыллаах үбүлүөйүн бастакы үөрэнээччилэр баалларын баттаһа ыыттахха диэн санаа үөскээбитэ. Ити сылларга диэри оскуола үбүлүөйэ биирдэ да билиэтэнэ илик эбит этэ. Онно саамай ытык дьоннорбутунан оскуола бастакы үөрэнээччилэрэ: саха норуодунай суруйааччыта В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап, бастакы үөрэнээччилэртэн биирдэстэрэ саха норуодунай артыыһа А.Е. Ефремов (Бырама), нэһилиэк ытык кырдьаҕастара, оскуола бастакы үөрэнээччилэрэ П.Г. Новиков, П.В. Захаров, Д.С. Захаров, Н.К. Захаров, И.В. Новиков этилэрэ.
Дьэ мин долгуйуу бөҕө, тойон сүрэҕим толугуруу мөхсөр. Ол миэнэ мөхсөрө диэн, оннооҕор В.С. Яковлев-Далан «В.М. Новиковтан-Күннүк Уурастыыраптан бастаан толлор, тардынар этим », — диэн турардаах.
Үбүлүөй бастакы ыытыллыыта буолан, дьон-сэргэ бөҕө кэлбит этэ. Үбүлүөй өйдөбүнньүгүн бэлиэтин арыйыы, лиэнтэни быһыыны Владимир Михайлович оҥорбута. Салгыы үбүлүөй олус истиҥник, өрө көтөҕүллүүлээхтик барбыта. Оҕонньор ырыа бөҕө ыллаан, олоҥхолоон, кэпсээн истэҕин аайы куолаһа, тыла-өһө өссө чөллөрүйэн иһэр курдуга. Онно миэхэ улахан дьон олус да боростуой, элбэх кэпсээннээх-ипсээннээх буолаллар эбит диэн санаа үөскээбитэ. Күннүк Уурастыырап төрөөбүт алаастарын ааттарын ымпыктан-чымпыктаан ааттаталыырын, дьонун-сэргэтин, төрүттэрин хос ааттарын кытта ааҕа билэттиирин сөҕөн-махтайан турардаахпын.
Иккис түгэн
Иккис түгэн 1987 сыллаахха Күннүк Уурастыырап төрөөбүт-үөскээбит Эмиһигэр 80 сааһын бэлиэтээһин этэ. Өрүү буоларын курдук, өрө күрүүлээхтик ыытыллыбыта. Онно Айылҕа Эбэ хотун кинини орто бараан дойдуга анаан-минээн түһэрбитин, дьону-сэргэни итэҕэтиэх курдук түгэн буолбута. Оскуола таһыгар сэргэ туруоран, поэкка аналлаах балаҕаны аһыы лиэнтэтин кырыйан киирии саҕана, ыраас чэмэлкэй халлаан турдаҕына, ыас хара былыт өрө сүүрэн тахсан, ыаҕастаах уунан саба куппута. Онон көрсүһүүгэ кэлбит дьон бука бары кулуупка ибили сытыйан тиийбиттэрэ уонна дьэ өссө ордук иэйиилээхтик, истиҥ иһирэх ахтыһыы, кэпсэтии, үөрүү-көтүү, ырыа-тойук оройуттан тутуллубута. Оҕонньор онно бэйэтэ да үөрэн-көтөн, сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ.
Ити көрсүһүүгэ Владимир Михайлович Чурапчыга биир көрсүһүү кэнниттэн Уурастыырап тылын-өһүн, ырыатын-тойугун истэн баран, биир эмээхсин кинини «өлбөтөххүнэ сатаныыһы» диэбитин олус сөхпүтүн, тыл күүһэ дириҥин сөҕөн кэпсээбитэ. «Өлүмэ-сүтүмэ» диэбитэ буоллар олох кыһаныам суоҕа этэ. Оттон дьэ бу «өлөбөтөххүнэ сатаныыһы» диэбит күүһүттэн сөхпүтүм. Ол эбэтэр мин өллөхпүнэ туох эрэ алдьархай буолуон курдук этэн таһаарбыта», — диэн астынан ахтыбыта.
Алексей Ильич Гаврильев, В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан
Эмис оскуолатын 1980-2003 сс. дириэктэрэ, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Эмис, Амма.
Бэчээккэ бэлэмнээтэ Сардаана Матвеева.