Тохсунньу 13 күнүгэр Ньурба улууһун Маар нэһилиэгэр «Алгыс» култуура киинигэр чаҕылхай күрэх үрдүк таһымнаахтык тэриллэн ыытыллан ааста. Күрэх сүрүн ирдэбилэ – оҕо уонна сокуоннай сааһын туолбут киһи ылбаҕай ырыа толоруулара.
Биһиги нэһилиэктэн эдьиийдии-бырааттыы: Семен Анисимов, Хаҥалас орто оскуолатын 11 кылаас үөрэнээччитэ, уонна Зина Анисимова, эмиэ биһиги оскуолабыт выпускницата кыттыыны ыллылар. Кинилэр биллэр биир дойдулаахпыт, улуу ырыаһыт Никииппэр Сэмиэнэп репертуарыттан «Күннэтэ күүтэбин» диэн ырыаны бэлэх ууммуттара. Күрэх буолан баран ким эрэ кыайыылаах буолар. Ол курдук Анисимовтар «Лучший творческий союз» номинация хаһаайыттара буолбуттарынан эҕэрдэлиибит уонна киэн туттабыт.
Олеся Петрова,
«Ыллык» эдкорпост.
Ньурба, Хаҥалас.