Мин ийэм Агафия Степановна Бочкарева Ньурба оройуонун Хаҥалас орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала. Кини бу күннэргэ Дьокуускай куоракка ыытылла турар II-с өрөспүүбүлүкэтээҕи саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын сийиэһигэр кытта сылдьар.
Мин ийэм Агафия Степановна ааспыт сайын саха тылын учууталларын куонкуруһугар ситиһиилээхтик кыттыбыта. Ол иһин кини бэйэтин дьоҕурун көрдөрөн, үчүгэй учуутал буолан бу сийиэскэ оройуонтан талыллан дэлэгээт буолбута. Бу тэрээһиҥҥэ саха тылын үөрэтиигэ, харыстыырга араас элбэх суолталаах боппуруостар көрүллэллэр, ырытыллаллар. Ол курдук, бэҕэһээ кинилэр Ил Түмэҥҥэ улахан мунньахха сырыттылар уонна «Сыыппара үөрэҕин иитэр-үөрэтэр кэскилэ» түһүлгэҕэ үлэтин уопутун кэпсээтэ.
Мин ийэбинэн киэн туттабын. Кини сахалыы таҥаһын сайбаччы кэтэн, саха тылын уонна култууратын өрө тутан, саха тылын сайдыытыгар үтүө кыһамньытын иһин махталым улахан.
Толя ГРИГОРЬЕВ, «Ыллык» эдкорпост, Хаҥалас, Ньурба улууһа.