В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыгар кыргыттар уонна Ийэлэр күннэригэр аналлаах нэдиэлэ буолан ааста.
Алтынньы 12 күнүгэр орто уонна улахан сүһүөх кыргыттарыгар анаан «FaishionLook» диэн маастар-кылаас буолла. Ыалдьыттарбытынан ыҥырылыннылар:
Лилия Владимировна Аргунова, “LiLiya” салон хаһаайката, парихмахер. Кини баттаҕы хайдах, түргэнник укладкалыыры көрдөрдө;
Туяна Андреевна Махатырова, “Tuana studio” салон хаһаайката, тыҥырах маастара. Кини хайдах дьиэ усулуобуйатыгар тыҥырахпытын, илиибитин көрүнэрбитин сүбэлээтэ;
Мария Сильвестровна Соловьева таҥас тигэр, араас киэргэллэри оҥорор маастар. Кини оҕолорго киэргэли оҥорууга маастар-кылаас көрдөрдө, уопутуттан атастаста. Бу тэрээһин кэнниттэн кыргыттарбыт элбэҕи, саҥаны көрөн, билэн бардылар.
Алтынньы 13 күнүгэр “ТОК-толкуйдаа, оонньоо, кыай” диэн биэстии киһилээх интеллектуальнай оонньуу буолла. Бу тэрээһин боппуруостара Саха АССР 100 сылыгар уонна Ийэ сылыгар ананна. Оскуола үрдүнэн алта хамаанда турда.
1 хамаанда: 1-2 кылаас ийэлэрэ;
2 хамаанда: 3-4 кылаас ийэлэрэ;
3 хамаанда: 5-7 кылаас ийэлэрэ;
4 хамаанда: 8-11 кылаас ийэлэрэ;
5 хамаанда: улахан кылаас кыргыттара;
6 хамаанда: учууталлар.
Уопсайа 14 ыйытыылаах буолла, оонньуу түмүгэр учууталлар уонна 1-2 кылаас ийэлэрин бааллара тэҥнэһэн хонтуруолунай боппуруос бэрилиннэ. Тыҥааһыннаах оонньуу кэнниттэн маннык миэстэлэр таҕыстылар:
1 миэстэ: 1 уонна 2 кылаас ийэлэрэ;
2 миэстэ: учууталлар;
3 миэстэ: 8-11 кылаас ийэлэрэ.
Кыайыылаах хамаандаларга өссө төгүл эҕэрдэбитин тиэрдэбит. Интеллектуальнай оонньуу ыйытыыларын бэлэмнээтэ уонна иилээн-саҕалаан ыытта, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Светлана Николаевна Бугаева.
Алтынньы 14 күнүгэр “Кыыс ийэтинээн диэн” творческай маастар-кылаастар буоллулар. Бу тэрээһиҥҥэ кылаастан кыыс ийэтинээн тугу сатыыр сатабылларын көрдөрдүлэр:
— 4 “в” кылаастан, Илона Викторовна кыыһынаан “Салат цезарь” минньигэстэн минньигэс салаат оҥорон көрдөрдүлэр;
— 5 “а” кылаастан, Валентина Валерьяновна кыыһынаан “Бисер” оҕуруонан тиһэн сокуолка оҥордулар;
— 5 “б” кылаастан, Акулина Макаровна кыыһынаан “Кумааҕыттан өрүү” туруубкалары эрийэн корзина, органайзер оҥордулар;
— 7 “а” кылаастан, Елена Семеновна кыыһынаан “Минньигэс ас” диэн (ПП-смузи, ход-дог) доруобуйаҕа туһалаах астары астаан көрдөрдүлэр;
— 6 “б” кылаастан, Елена Александровна кыыһынаан “Ырыа олох аргыһа” ырыаҕа үөрэтии, ыллыан баҕарар дьоҥҥо маастар кылаас ыыттылар;
— 8 “б” кылаастан Мария Петровна кыыһынаан “Бэйэ илиинэн оонньуурдар” (валяние) түүттэн эрийэн оонньуур оҥоруу;
— 10 “б” кылаастан Наталья Ивановна кыыһынаан “Бэйэҕэ массаж” сүнньүгэ туһалаах массаж ньымаларын көрдөрдүлэр;
— 8 “г” кылаастан “Сибэккиттэн букет” Розалия Михайловна кыыһынаан саптан сибэкки букет оҥордулар;
— 5 “в” кылаастан, Туяра Юрьевна туойтан дьиэ ыраастыырга аналлаах кыра көмүлүөк оһох оҥоруу;
— 2 “б”кылаастан, Саргылана Ивановна Васильева кыыһынаан фоамирантан заколка оҥорон көрдөрүү;
— 7 “а” уонна 2 “а” кылаастан төрөппүт Людмила Андреевна Зайкова йогалаан көрдөрдө.
Бу курдук араас талааннаах ийэлэр кэлэннэр кыргыттарынаан маастар-кылаас көрдөрдүлэр. Учууталлар, төрөппүттэр, үөрэнээччилэр олуһун диэн астыннылар, сатабылларын сайыннардылар, уопут атастастылар, билэн-көрөн бардылар. Кэлэн кыттыбыт төрөппүттэргэ махталбытын тириэрдэбит уонна өссө да ыҥырыыбытын ылан кэлэргитигэр диэн баҕа санаалаахпыт.
Ону таһынан, бары кылаастар ийэлэрин эҕэрдэлээтилэр, кылаас чаастара буоллулар.
«Мэҥэбил» пресс-киин, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолата.