Оҕо күн сирин көрөөт аан бастаан ийэтин көрөр, кини сылаас илиитигэр угуттанан улаатар. Ийэбит биһиэхэ саамай күндү, чугас, ханнык да түгэҥҥэ өрүү өйдүүр-өйүүр тапталлаах киһибит буолар.
Бүгүн, алтынньы үһүс баскыһыанньатыгар, Саха сиригэр Ийэ күнэ бэлиэтэнэр. Бу үөрүүлээх күн өрөспүүбүлүкэбит күн-күбэй ийэлэрин, эйэҕэс эбээлэрин ис сүрэхпититтэн кэрэ, истиҥ бырааһынньыгынан, бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлиибит.
Баҕарабыт чэгиэн доруобуйаны, чөл туругу, алаһа дьиэҕитигэр, дьиэ кэргэҥҥитигэр байылыат олоҕу, сир үрдүгэр баар бары үтүөнү, кэрэни!
Ийэ туһунан үгүс хоһоон, ырыа суруллар. Бүгүн күн ийэлэргэ анаммыт саха суруйааччыларын истиҥ-иһирэх хомоҕой хоһооннорун бэлэх уунабыт.
Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа.
ИЙЭ
Күн сирин көрдөрөн
Көмүскээн-харыһыйан ииппит,
Күүһүрдэн-улаатыннаран
Көччөх гынан көтүппүт,
Көлөһүннээх дьүһүннээх.
Күкүр-икир таҥастаах
Көмүс күндү күкүллэхпин –
Күн ийэм эмээхсин эрэйдээҕи
Ыраатан-тэлэһийэн сылдьаммын
Эмиэ өйдөөн тиийэн кэллим,
Өйдөөт, үөһэ тыынан ыллым…
Ычах кыра буоламмын,
Ытанньах муҥнаах эрдэхпинэ
Ытыы-ытыы эрэйдэнэрэ,
Ыллаан-туойан саататара,
Ырыган тобугар олордоро,
Ыксары кууһан ылара…
Тымныыттан күрэтэн,
Тырыттыбыт
Ырбаахынан үллүйэрэ.
Итииттэн саһыаран,
Илбирийбит былаатынан бүрүйэрэ.
Этэр тылын минньигэһэ,
Итии тыынын эйэҕэһэ
Эккирэтэ сылдьан баар, —
Экчи умнуо суохпун!..
Ийэбин, күн-күбэй ийэбин,
Эмиэ өйдөөн тиийэн кэллим,
Өйдөөт, өрүкүйэ аҕынным…
Утуйан-нухарыйан сыттахпына
Оргууй, оргууй хаамара,
Сылаас, сылаас баҕайытык
Сыллаан, уураан ааһара.
Ыарытан ыксыыр күннэрбэр
Ыга кууһан сытара.
«Күөрэгэйим көттөҕүнэ
Күнүм-ыйым сүттүн,
Күнүнэн көмүллүүм», — диэхтээн,
Көнө-күндү хараҕа
Күөл уунан туолара…
Күн ийэ диэнтэн
Күһэлтэни көрбөтөх,
Күөх окко күөлэһийэр
Көҥүл оҕо сааспар
Күлэ-үөрэ көрсөрүн,
Күллээх таҥаспын тэбиирин
Күндүтүк өйдүүбүн!
Ороммор уһуктан сыттахпына
Уҥуох илиитинэн имэрийэрэ,
Араас тапталлаахтык саҥарара,
Ааспыт өттүн ахтара,
«Атаҕастабылтан арахсаар» — диирэ…
Алыс мэник уолчаан
Атастарбын кытары
Айаас сылгы буолан
Алаас тыатын туораан
Атаралаан сылдьаммын
Алдьаппытым ааҕыллан,
Абырахпыт элбиирэ, —
Аттыбар куруук баар,
Адьас умнуо суохпун!..
Ийэм эрэйдээх, эйиэхэ
Эдэр сааспынан андаҕайан
Экчи тылбын этэбин:
Элбэх сааһыҥ адаҕыйан,
Иэгэйэ кырдьар кэмнэргэр,
Эрэйгин, ахтаргын билбэккэ,
Эйиэхэ эргиллэн кэлбэккэ,
Эйигин быраҕан бараммын,
Иэтэр-туотар буоллахпына, —
Эрэйдэнэн-буруйданан ииппиккин
Экчи ыттыы былдьаабыт,
Хааннаах хара көлөһүҥҥүн
Хара суордуу халаабыт,
Ханныктан даҕаны хараҥа
Хара түөкүн буоламмын,
Халыҥ үйэм устатыгар
Харыаста-кэмсинэ сылдьыым,
Ханыыттан кыбыста кырдьыым…
Иннокентий Иванович Артамонов
ИЛЛЭҤ СУОХ, ИЙЭККЭЭМ!
Ваня уол күннүктээн
Ойуулуур, ойуулуур,
Икки, үс этээстээн
Дьиэлэри оҥортуур.
Кырачаан уолчаанын
Ийэтэ ынырда:
«Кэл, Ваня, аһаарый,
Алаадьыҥ тымныйда».
Амарах ийэтэ
Аһылык бэлэмниир,
Үлэһит киһитэ
Бу курдук эппиэттиир:
«Иллэҥ суох, ийэккээм,
Мин дьиэбин бүтэриим,
Ааннарын кэрэчээн
Ойуулаан киэргэтиим».
Онуоха ийэтэ
Иһигэр мичээрдиир:
«Эн ити кимиэхэ
Тутаҕын дьиэҕин?» — диир
Уолчаана уһуннук
Толкуйдуу барбата,
Хап-сабар чобуотук
Хоруйдуу оҕуста:
«Аҕалаах ийэбэр —
Эһиэхэ биэрэбин.
Этээстээх мин дьиэбэр
Ыҥырыам эһэбин».
Ийэтэ уолчаанын
Убураан ылбыта:
«Эн дьиэҕин тутаҥҥын
Бүтэр дуу», — диэбитэ.
Ваня уол ырыалаах
Этээстээх дьиэ тутар:
«Мин ийэм, мин аҕам
Дьиэлэрэ буоллуннар».
Остуолга алаадьы,
Сылаас үүт бэлэмнэр,
Кырачаан Ваняны
Күүтэллэр, күүтэллэр.
Анемподист Иванович Софронов-Алампа
КҮН ИЙЭМ
Туһааннаах хотунум,
Туохтан хоргутан
Ханна халбарыйдыҥ?
Күүттүм, күүттүм — көстүбэтиҥ,
Күндү күлүккүн көрдөрбөтүҥ!
Кэтэстим, кэтэстим — кэлбэтиҥ,
Кэрэ кэмэлдьигин кэпсээбэтиҥ!
Санаа баҕадьы,
Самыыр былытыныы,
Саҥарбат гына
Самнары баттаата.
Көлөһүннээх өйүм,
Көхсүбэр көөнньөн,
Көппөҕөр түөспүн
Көтүрү көттө…
Хараастыбыт санаам
Хабарҕабар хааттарда,
Моонньубун бопто,
Тыыммын ыкта,
Испэр иҥнэ,
Сүрэхпэр сөҥнө,
Сүһүөхтэрбэр сүүдүйдэ…
Тулаайах толкуйум
Тууга хааттарбыт
Туллуктуу тууллайда,
Солоҕой санаам
Сохсоҕо баттаппыт
Солоҥдолуу сордонно.
Ытаары ыгыллыбытым –
Хараҕым уута халыйбата,
Ыллаары гыммытым –
Хабарҕабар хаайтарда…
Баҕар сирим
Баҕана иининии баранна,
Хаамар сирим
Хара тааска хаайтарда.
Ийэ сир иэнэ
Инньэ үүтүнүү кыараата,
Үрүҥ күн үтүөтэ
Өлбөөдүйэн көһүннэ,
Харааран хаххаланна…
Туохтан туоххаһыйдыҥ,
Тоҕо чугаһаабатыҥ?
Эйиэхэ эрэ эрэнэбин,
Эйигин эрэ таптыыбын!
Үгүскэ үҥпэппин,
Үтүөҕэ үлүһүйбэппин,
Атыҥҥа аралдьыйбаппын,
Албыҥҥа атыылаабаппын…
Соҕотох эйиэхэ
Тобуктаан тоҥхойобун,
Сөһүргэстээн ньүрүйэбин…
Эйигин таптыыбын,
Эйиэхэ эрэнэбин,
Күлүккэр үҥэбин,
Күндүгэр үөрэбин,
Ырааскын ытыктыыбын,
Ырыаҕын таптыыбын!..
Эн
Дьүһүҥҥүн көрбөппүн,
Илиибинэн имэрийбэппин.
Эйигин
Сүрэхпинэн көрөбүн,
Санаабынан таайабын.
Эн, салгынныы талбааран,
Санныбар тайанан,
Үрүҥ тыыҥҥынан
Үрэргин өйдүүбүн,
Сэбирдэхтии илибирээн
Сибигинэйэргин истэбин.
Оччоҕо мин
Сүрэҕим сөрүүкүүр,
Сүһүөҕүм чэпчиир,
Көрбөппүн көрөн
Көхсүм көндүөрүйэр,
Эппэппин этэн
Эрэйим чэпчиир,
Сатаабаппын саҥаран
Санаам сайҕанар,
Ыллаабаппын ыллаан
Ыырайга ыттабын…
Туохтан хоргутан,
Тоҕо чугаһаабатын?
Ааттаһабын:
Аттыбар чугаһаан,
Алгыста аҕал,
Испэр киирэн,
Имэҥнэ иҥэр!..
Мин
Кынат үүннэрэн
Көтүөхпүн көҕүйдүм,
Тумус үүннэрэн
Тоҥсуйуохпун тууһурдум,
Тыҥырах үүннэрэн
Ыраахтан иһиллэр гына
Ыллыахпын ымсыырдым…
Мин туойуом этэ:
Ол олорор дьону,
Ити иһэр киһини,
Оҕолор оонньуулларын,
Киһилэр кэпсэтэллэрин.
Мин туойуом этэ:
Сүгэ тыаһа лүҥсүйэрин,
Лаппаакы тыаһа лабыргыырын,
Молотуок тыаһа лобургуурун,
Эрбии тыаһа кэрдиргиирин…
Мин хоһуйуом этэ:
Массыына бааҕыныырын,
Собуот куугунуурун,
Тимир көлө тигиниирин,
Борокуот ааал бурдургуурун,
Көтөр аал күлүгүрүүрүн,
Тыраактар сыарҕа ынчыктыырын,
Элэктэриичистибэ уота элэҥниирин, –
Элбэҕи эпчиҥинэн эргитэрин,
Үгүһү күүһүрдэн үлэлэтэрин
Тус-туспа туймуулаан
Туойуом этэ,
Атын-атыннык араҥалаан
Алгыам этэ…
Мин
Кэрэ сайын кэлэрин
Кэҕэлии кэпсиэм этэ,
Күөх сайын күндүтүн
Күөрэгэйдии күүгүнүөм этэ…
Ити барыта
Испэр иҥнэ,
Иэдээн буолла,
Кэлэҕэйдээн кэҕинним,
Тардыастаан сарбылынным.
Тыыным хаайтарда,
Тылым буллуйда.
Күн ийэм,
Күөмэйбин көндүөрүт,
Тыыммын уһат,
Тылбын сымнат!…
Архип Георгиевич Кудрин — Абаҕыыныскай.
ИЙЭ БАРАХСАН
Этиҥ эрэ,
Оҕолоор,
Эһигини биһиктээн,
Киммит
Маннык оҕолоон
Киһи гынар
Бүөбэйдээн?
— Күндү ийэ барахсан!
Этэр
Сылаас тылынан
Эмиэ киммит
Саататар,
Эҥин нарын
Ырыанан
Эһигини утутар?
— Көмүс ийэ барахсан!
Этиҥ,
Киммит кичэйэн
Үтүө суолга үөрэтэр,
Эһигини тэрийэн
Үөрэнэргэ көҕүтэр?
— Кини, Кини барахсан!
— Кини —
Ийэ барахсан!
Гавриил Григорьевич Вешников-Баал Хабырыыс
ИЙЭ
Эмэккэ эмэр кэмнэртэн,
Иккилээх-үстээх эрдэхтэн
«Ийэ» диэн тылы этэрбит, —
Ийээ, чэ көтөх! — дэһэрбит.
Оҕус кэйээри күрдьүөттүүр,
Ыт сиэри өрө баргыйар,
Ким эмэ мөҕөр, күөмчүлүүр,
Кутгаан даҕаны дьарыйар…
— Ийээ, кэл, быыһаа!—дэһэрбит,
Ийэбэр этиэм! — дэһэрбит.
Оҕо оонньуурун былдьатар,
Убайын сүүрэн куоттарар,
Ытаан маккырыы-маккырыы
Ыксаан: «Ийээ!» — диэн хаһыытыыр.
Ийэттэн ордук күүстээҕи,
Ийэттэн ордук өйдөөҕү,
Ийэттэн ордук кэрэни
Оҕо эрдэхтэн көрбөккүн.
Ол иһин таптыыр сирбитин
Ийэ дойду диэн ааттыыбыт,
Күндүттэн-күндү диирбитин
Ийэҕэ тэҥнии саныыбыт.
Степан Егорович Дадаскинов
ИЙЭЭ, СЫЛЛААН ЫЛЫЫМ ДУУ?
Мин хотугу ийэкэм
Минньигэстэй эриэккэс
Хаар нуурала сыттааххын,
Күөл тумана сыттааххын.
Ийээ, сыллаан ылыым дуу?
Ийээ, кууһан ылыым дуу?
Оҕо сааспын саныахпын,
Оҕо буолан ылыахпын.
Алыһын да аҕынным
Аптаах түөһүҥ сылааһын.
Сүрдээҕин да суохтаатым
Сүрэҕиҥ тэбэр, тэбэр тыаһын.
Уонна күөлүҥ уутунуу
Уу чуумпутук одуулуур,
Иэйэр сырдык хараххын
Имэрийэ көрүөм мин.
Серафим Романович Кулачиков-Эллэй
ТАПТЫАҔЫҤ ИЙЭНИ!
Күн көрүө — от үүнүө,
Сибэкки тэтэриэ.
Күнэ суох туох үүнүөй? —
Күөх сирэм күкээриэ.
Ол тэҥэ — күн тэнэ
Эн ийэҥ, мин ийэм.
Ийэтэ суох иинэн,
Иһийиэ сир ийэ.
Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн —
Таптыаҕын ийэни!
Ийэттэн төрүүллэр
Генийдэр, геройдар,
Долгуннуу үксүүллэр,
Үүнэллэр норуоттар.
Эн, кини уонна мин
Ийэттэн кэлбиппит,
Ийэбит эмиийин
Илгэтин испиппит.
Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн
Таптыаҕын ийэни!
Хараҥа хаххалыа —
Күн өһөн барыарыа,
Былыты тыал ыһыа —
Күн күлүм чаҕыллыа.
Оҕотун сор булуо —
Ийэҕэ күн өһүө,
Оҕото дьоллонуо —
Күн курдук күлүмнүө.
Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн —
Таптыаҕыҥ ийэни
Үрдүк күн соҕотох,
Аан дойдуҥ эмиэ биир,
Ийэ сир оҕото,
Эн ийэҥ эмиэ биир.
Ийэккэҥ сүрэҕэ
Эн түөскэр тэбиэлиир.
Лениннии ийэҕэр
Эрдээхтик иитилин!
Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн
Таптыаҕыҥ ийэни!
Эн Ийэ дойдугун,
Ийэҕин таптыыр буол,
Оҕоҕун-уруугун
Ийэлии иитэр буол!
Ханна да бардаргын —
Ыл ийэҥ алгыһын,
Ханна да буолларгын –
Ийэҕин эн аҕын!
Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн —
Таптыаҕыҥ ийэни!
keskil14.ru