Бу дьыл алтынньы 11-22 күннэригэр Ийэ сылыгар уонна Ийэ күнүн көрсө «Таҥсык» биэрии иһинэн «Ийэбиниин бииргэ астыыбыт» күрэх ыытылынна.
Күрэххэ барыта 28 кыттааччы кыттыыны ылла. Оҕолор ийэлэриниин араас бүлүүдэлэри барытын астаатылар. Киирбит видеороликтар бары ТАҤСЫК биэриигэ киирдилэр.
Онтон хайа баҕарар күрэххэ кыайыылааҕы быһаарар түгэн тосхойор. «Ийэбиниин бииргэ астыыбыт» күрэх амбассадора — шеф-повар Николай Атласов кыайыылаах дьиэ кэргэни бэйэтэ талла уонна маастар-кылааһыгар ыҥырда.
Дьэ, ким кыайбыт эбитий? Ол курдук, «Ийэбиниин бииргэ астыыбыт» күрэх кыайыылаахтара — Таатта улууһун Ытык Күөлүттэн Урсун уонна Арина Алтыбаевна Большаковтар! Урсун Ытык Күөл №2-дээх орто оскуолатын 5-б кылааһын үөрэнээччитэ. Эҕэрдэлиибит! Кыайыылаахтар Николай Атласовка маастар-кылааска ыҥырыы туттулар. Сиһилии видеоҕа көрөбүт:
Бары кыттааччылар туоһу суруктары электроннай аадырыска тутуохтара.
Өссө төгүл бары кыттыбыт дьиэ кэргэҥҥэ махтал! Өрүү бу курдук айымньылаах, ураты көрүүлээх, иллээх-эйэлээх буолуҥ!
keskil14.ru
1
My brother recommended I might like this website.
He was entirely right. This post truly made my day. You
can not imagine just how much time I had spent for this
info! Thanks!