Ийэ сылыгар уонна Ийэ күнүн көрсө биллэриллибит «Ийэбиниин бииргэ астыыбыт» күрэх маҥнайгы кыттааччылара Кэбээйи оройуонун Сайылык нэһилиэгиттэн 2 саастаах Павлик уонна Аялита Павловна Ноговицыннар.
Кырачаан Павлик «Кэнчээри» оҕо саадын иитиллээччитэ. Бүгүн кинилэр биһиэхэ минньигэс синнабон булочкалары астаан көрдөрүөхтэрэ.
Кыттааччыларбытыгар «лайк» туруораргытын умнумаҥ!
Синнабон
Тиэстэтигэр наада: 250 мл үүт, 1 пачка доруоһа, 100 г саахар, 2 сымыыт, 80 г ынах арыыта, 1/2 ч.л. туус, 500-550 г бурдук.
Начыыныгар: 100 г саахар, 2 ост.л. какао бороһуок.
Кремыгар: 80 г сливочнай сыыр, 1 ост.л. ынах арыыта, 40 г саахарнай пудра, 1 ч.л. ванильнай саахар, 40 мл үүт.
Сиһилии видеороликка көрүҥ:
keskil14.ru
4 4
Вкусно
Ohyoбай
Кыра Байбал асчыт бэрдэ
Ийэтинээн ас астыыр
Минньигэсчэй бэрэскитин
Сыта кытта минньигэһин
… Дьүкээбил
Спасибо родителям, что воспитывают своих детей, держа и приручая их обыденным, будним, семейным дням, готовя их жизни…