Быйыл саха норуотун суруйааччыта, сээркээн сэһэнньитэ Н.Е. Мординов- Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 115 сылын туолла. Кини ааспыт үйэ 20-с сылларыгар “Ийэ” хоһоонунан литератураҕа киирбитэ. Николай Егорович төрөөбүт литературатын бары жанрдарыгар талааннаахтык үлэлээбитэ, биллэрдик байыппыта. Амма Аччыгыйа айымньылара сыллар ааһан истэхтэрин аайы өссө киэҥ, дириҥ номохтоох, тыллаах-өстөөх буолан иһэллэр…
Саха норуотун суруйааччыта, сээркээн сэһэнньитэ Амма Аччыгыйа үбүлүөйдээх сылыгар анаан, сааскы Ийэ бырааһынньыгын көрсө, Дьокуускай куорат 17-с №-дээх оскуолат тэрийиитинэн, Үөрэх салалтата өйөөһүнүнэн, “Тыыннаах тыл” бырайыак чэрчитинэн, олунньу ыйга Таатта улууһун уонна Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах оскуолаларын икки ардыларыгар V-XI кылаас үөрэнээччилэригэр “Ийэбэр, эйиэхэ….” хоһоон айыытыгар күрэх ыытылынна.
Күрэххэ Таатта улууһун Хара-Алдан, Дьохсоҕон, Харбалаах орто оскуолаларын, Дьокуускай куорат 17 №-дээх, 38 №-дээх, 31 №-дээх, Саха политехническай оскуолаларыттан барыта 60 оҕо кыттыыны ылла. Бастыҥ үлэлэри ыытабыт.
Ийэбэр анаан
Хаамар суолбар эрэллээх умайар сулускун,
Хомойбут күммэр соҕотох сылытар сылааскын,
Олохпор аан бастаан көрбүтүм эн хара харахтаргын,
Сүрэҕин тэбиитигэр истибитим бастакы нуотабын.
Хаарыан мичээргинэн угуттанан уматан бу турабын
Алы гын алҕаспын, оҕо санаалаах сааспын,
Эн аттыбар бааргына умайар дьол кыыма
Аччыгыйкаан эбиппин мэлдьи эн хараххар.
Кэрэтик даҕаны үөрэҕин мин истиҥ сыһыаммар
Махтал ийэ, эйиэхэ! Мэлдьи бааргын санаабар,
Олоҕум маҥнайгы таптала, көмүс күнүм, түүнүм ыйым.
Иэдэспин минньигэстик ыбылы сыллыыгын,
Таптыыбын эн миэхэ ийэ буоларгынан.
***
Ыйдаҥалаан тыгар суолбар
Эн сыдьаайар хара харахтарын,
Арылыйан устар олохпор
Күлүмнүүр эн истиҥ тапталын.
Хомойор-ытыыр түгэммэр
Уоскутан сымнаҕастык сыллыыгын,
Атын суолга үктэнэр түгэммэр
Атыны оҥорон сытыараҕын.
Хараастан ылабын мин эйигин кыыһырдан,
Харыстаан кууһабын, ийэ, эйигин таптыыбын.
Куруук эдэр курдуккун мин харахпар,
Куруук аттыбар баар курдуккун санаабар.
Соҕотох ытыы сытарбын ончу санаабаппын,
Аччыктаан ытыы турарбын отой өйдөөбөппүн.
Тулаайах тоҥон турарбын санаан да ылбаппын,
Эйигинэ суох инникибин булбаппын.
Стас Варламов, Х кылаас.
Хара-Алдан, Таатта.
***
Саамай олохпор күндү киһим
Күн курдук сандааран,
Куруук күүс-көмө, сүбэ-ама
Буолар киһим – ийэм барахсан,
Таҥара курдук миигин сырдыкка,
Кэрэҕэ угуйар киһим.
Наһаа лэккэй дууһалаах,
Барыны барытын сатыыр
Эп-эйэҕэс, нап-нарын
Өрүү истиҥ, кэрэ
Саамай күндү
Кини эрэ мичээрэ!
Кыымчаана Ефремова, XI “В” кылаас.
Дьокуускай 17-с №-дээх орто оскуолата.
Ийэм барахсан
Ийэм барахсан мичээрэ
Күлүмнэс уот буолан,
Сүрэхпин сылытар
Ийэм барахсан саҥата
Сиккиэр тыал буолан,
Дууһабын уоскутар.
Ийэм барахсан сүбэтэ
Аптаах алгыс буолан,
Кэрэни эрэ сыдьаайар.
Ийэм барахсан таптала
Көмүс күн буолан
Олохпун тырымныы сырдатар.
Дариана Захарова, VIII кылаас.
Дьохсоҕон, Таатта.
Ийэ
Ийэ- саамай туттар тылбыт
Ийэм миэхэ саамай күндү киһи
Ийэ диэн тылы иһиттэххэ
Киһи эрэ үөрэр
Эн эйэҕэс майгыгын
Эн минньигэс аскын
Куруутун ахта- саныы сылдьыам
Ийэбэр махтанабын
Күн сирин көрдөрбүккэр
Ийэ баар буолан
Барытын билэбин, сатыыбын.
Дьулустан Малышев, V кылаас.
Дьохсоҕон, Таатта.
Ийэм барахсаҥҥа
Ийээ, мин эйигин
Наһаа күүскэ таптыыбын.
Мин күндү киһим,
Хаһан да ыалдьыма,
Доруобай, дьоллоох буол,
Хомойор диэни билимэ,
Куруутун үөрэ- көтө сырыт,
Туохтан да толлума,
Тохтоон, иҥнэн хаалыма,
Үлэҕэр үрдүк ситиһиини,
Дьолу-соргуну бэлэхтиибин.
Айтал Бабанов, V кылаас.
Дьохсоҕон, Таатта.
***
Ийэ диэн кэрэ киһи,
Ийэ диэн күндү киһи
Хас биирдии оҕо
Ийэтин убаастыыр, таптыыр.
Ийэтээҕэр чугас киһи — киниэхэ суох.
Ийэ мин чугас доҕорум
Кини куруук өйөбүлүм, тирэҕим буолар.
Күнүм- ыйым, күндү киһим
Ийэ сырдык мичээрин бары сөбүлүүллэр,
Ийэ үтүөтүн бары харыстыыллар.
Алина Степанова, XI “Г” кылаас,
Дьокуускай 17-с №-дээх орто оскуолата.
***
Ийэм мичээрин көрөбүн,
Ийэм куолаһын истэбин,
Ийэм сытын сыттыыбын,
Уонна үөрэн ылабын.
Ийэм хомойорун,
Ийэм ахтарын,
Ийэм сылайарын,
Көрүөхпүн да баҕарбаппын.
Ол эрээри буолааччы,
Оннук да буолааччы.
Мин ыйыттым: “Ийэтэ суох хайдаҕый?
Маннык киһини хантан булабын?
Ким куолаһын истэбин?
Ким миэхэ сүбэ биэрэр?
Ким миигин уоскутар?” –
диэн кыратык толкуйдаан ыллым.
Ийэккээм,
Эн бу сиргэ соҕотоххун,
Эн курдук киһи суох…
Толя Бястинов, IX ,”Г” кылаас,
Дьокуускай 17-с №-дээх орто оскуолата.
Ийэккээм
Олоҕум көмүһэ, күндү тааһа
Кэрэ-нарын күн күбэй ийэккээм.
Күн сирин көрдөрөн,
Сыламныыр күн уотун
Сүрэхпэр иҥэрэн,
Тапталын сылааһынан
Дьоллоох олоҕу бэлэхтээтиҥ.
Эн курдук эйэҕэс,
Элэккэй майгылаах,
Нарын-намчы кэрэ көстүүлээх,
Күн уота сылытарыныы
Сымнаҕас харахтаах,
Сылаас-истиҥ тапталлаах
Мин чугас доҕорум ,
Олохпун арыаллыыр күндү киһим
Мин ийэм буолаҕын.
Юлия Федорова, XI “В” кылаас,
Дьокуускай 17-с №-дээх орто оскуолата.