Ахсынньы 26-27 күннэригэр элбэх оҕолоох учуутал ийэлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэрэ куйаар ситимин нөҥүө аан маҥнайгытын буолла. Бу тэрээһини С.Н. Донской-II аатынан Үөрэҕириини сайыннарыы уонна квалификацияны үрдэтии үнүстүтүүтэ уонна Саха сирин Үөрэҕириитин Министиэристибэтэ көҕүлээһиннэринэн уонна тэрийиилэринэн, Саха сиригэр Ийэ Сылын түмүктээн ыытылынна.
Тыҥааһыннаах күрэхтэһии икки күҥҥэ икки түһүмэҕинэн барда. Маҥнай ийэлэр учуутал идэлэрин туһунан кэпсээтилэр, иккис түһүмэххэ кыттааччылар дьиэ кэргэннэрин билиһиннэрэр киинэлэри бэлэмнээбиттэрин көрдүлэр. Кыттааччыларбыт хас улуус аайыттан талыллан бары да бииртэн биир үтүө, кэрэ, сатабыллаах, дьоҕурдаах буолан биэрдилэр. Ийэлэр үстэн элбэх оҕолоохтор уонна бары учуутал идэлээхтэр. Ох курдук оҥостон, түбүктээх үлэттэн, дьиэ кэргэн сүпсүлгэниттэн ордон кинилэр бу күрэхтэһиигэ олус үчүгэйдик кытыннылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ бастыҥы таларга олус уустук буолла. Манна аҕыс дьоһуннаах экспердардар үлэлээтилэр.
21 улуустан кыттар учуутал ийэлэри киһи көрөн сөҕөр уонна махтайар, диэн тэрийээччилэр бэйэлэрин ытыктабылларын уонна махталларын эттилэр. Манна оннооҕор Булуҥ улууһун Найба нэһилиэгиттэн, Уусуйаанаттан кытары кыттыыны ыллылар. Хата куйаарбыт ситимэ наһаа улахан мэһэйи таһаарбата, барыта бэккэ уурбут туппут курдук барда.
Кыттааччы ийэлэр ортотунан 6-7 оҕолоохтор, ол эрэн үлэлэригэр олус таһаарыылаахтык үлэлииллэр эбит, ол курдук кылаас да салайаллар, дириэктэри да солбуйаллар. Кинилэр оскуолаҕа оҕолору үөрэтэр саҥа методикаларын, туһанар технологияларын киһи астына истэр. Бары да оскуолаҕа олохторун анаабыт, ол эрэн дьиэ кэргэннэригэр олус бэриниилээх ийэлэр буолан биэрдилэр. Иккини дьүөрэлээн олоххо суолларын булбут үтүө үлэһит дьон эбиттэр.
Кылаан чыпчаал кыайыылаах аатын ылла В.П. Ларионов аатынан Майа гимназиятын математикаҕа учуутала Парасковья Афанасьевна Харитонова. Кини 8 кыһыл көмүс мэдээллээх оҕону үөрэтэн таһаарбыт, олус дэгиттэр учуутал. 1 истипэнээх дипломант аатын сүктэ Бэрдьигэстээх эбии үөрэхтээһинин педагога, 10 оҕолоох, Татьяна Петровна Максимова. Кини өр сыллаах опытын тарҕатан билигин да химико-биологическай куруһуогу салайа сылдьар. 2 истиэпэннээх дипломанынан буолла Томпо улууһун Саһыл оскуолатын талааннаах дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччыта Сидорова Сардана Константиновна. 3 истиэпэннээх дипломант буолла Айталина Аркадьевна Банчина, Өлүөхүмэ оройуонун Кыыллаах Арыытыттан, сытыы-хотуу саха тылын уонна литературатын учуутала. Үөһээ Бүлүү Чиряев аатынан норуот педагогикатын киинин үлэһитигэр, 11 оҕолоох Осипова Валентина Захаровнаҕа «Методист Якутии» диэн анал ааты иҥэрдилэр. Уонна бары кыттыбыт сатабыллаах, сэмэй учуутал ийэлэрбитигэр дьоҕурдарынан, кыахтарынан көрөн анал ааттары анаатылар. Миэхэ “Инфо-ийэ” диэн анал ааты иҥэрдилэр, медиа эйгэҕэ үлэлэһэн эрэр киһиэхэ оруобуна сөптөөх дии санаатым. Куонкурус түмүгүнэн дипломаннарга харчыннан бириис, кыттааччыларга үрүҥ көмүс значок биэрдилэр.
Махтал истиҥ тылларын этэбин, бары кыттааччы ийэлэр ааттарыттан, бу сонун күрэхтэһиини тэрийбит дьоннорго, чуолаан С. Н. Донской-II аатынан Үөрэҕириини сайыннарыы уонна квалификацияны үрдэтии үнүстүтүүтүн үлэһиттэригэр Никифорова Евгения Степановнаҕа уонна Дуткина Елизавета Петровнаҕа. Айымньылаах үлэҕит өссө табылла турдун, кытаанах доруобуйалаах буолуҥ, дьиэ кэргэҥҥинитигэр куруук ил-эйэ баар буоллун!
Наталия Владимировна Жданова,
Ньурба оройуонун Н.И. Кочнев аатынан 1-Хаҥалас орто оскуолатын омук тылын учуутала,
«ЫЛЛЫК» эдкорпост.