Мин бэйэм омук тылын учууталабын. Улуу француз уонна ангылычаан тылын оҕолорго 40 сыл үөрэтэн кэллим. Ол үөрэтиибин саха тылын кытта дьүөрэлии тутан үөрэттим. Биһиги кыра эрдэхпититтэн сахалыы эйгэҕэ улааппыппыт, эһээлээх эбэбит, ийэлээх аҕабыт ииппиттэрэ-такыйбыттара.
Ийэбит барахсан биһигини уонна сиэннэрин, хос сиэннэрин дорҕоонноохтук ааҕыы ньыматыгар олох кыра эрдэхпититтэн сыһыарбыта. Ол иһин саха тылын баайын, дэгэтин эрдэттэн тылбытыгар-өспүтүгэр, эппитигэр-хааммытыгар иҥэриммиппит. Ол да иһин буоллаҕа, билигин Ийэ тылбытынан ыраастык саҥарар, суруйар туһугар “охсуһабыт”. Тута сыыһатын-халтытын булан көрө охсооччубут.
Ватсапка, кистэл буолбатах, аныгы көлүөнэ ыччат олус сыыһалаахтык, кылгатан, нууччалыы, омуктуу тылы кыбытан уонна ол тыллары сахатытан суруйара баар суол. Холобур, буолуо — “буо, бо”, баһаалыста—“бһлста”, буоллаҕа —“блҕа”, көрбүккүтүн—“крбктүн”, көрсүбүккүтүн —“крсбктүн”, о.д.а. Ангылычаан тылтан: Олус минньигэс!—“Yummy!”—“Йами!”, Привет! Здравствуйте!—Най! Өссө аҥаардас бэлиэлэринэн эрэ кэпсэтэр дьон эмиэ баар.
Бу барыта төрөөбүт тылбыт баайын “көйгөтүтүү”, намтатыы курдук көстөр. Дьон сөпкө бэлиэтиир, эдэр ыччат сахалыы эйгэттэн тэйэ быһыытыйыыта, омук киэнэ буолла да, барыта үчүгэй курдук санааһына, омук тылынан саҥардахпына, кинилэр “сленг” тылларын саҥабар кыбыттахпына, “курутуой” буолар курдук сананыылара сорох ардыгар баһыйаары гынар.
Эдэр көлүөнэ билигин гаджеттан арахсан кинигэни ааҕыан, литературнай тылы баһылыан баҕарабын!
Раиса Иосифовна СТРУЧКОВА,
Амма улууһун И.И. Константинов-Дэлэгээт Уйбаан аатынан
Сулҕаччы орто оскуолатын омук тылын учуутала.
Бириэмэни харыстаан уонна түргэнник этээри
Аныгы киһи олоҕун тэтимэ олус түргэн. ХХІ үйэ саҥатыгар аан дойду үрдүнэн Интернет киириэҕиттэн ыла коммуникация ситимэ күүскэ сайынна. Көмпүүтэр, планшет, төлөпүөн олохпутугар бигэтик киирдэ.
Биллэрин курдук, киһи бэйэтин олоҕун чэпчэтэ сатыыр, туттар тыла кытары эмиэ оннук судургутуйар. Ийэ тылбытыгар неологизмнар, ыччат тыла (сленг), омук тылыттан киирии тыл күүскэ киирдэ.
Бастаан тылы кылгатан туттуу төлөпүөн нөҥүө баар буолбута, оттон билигин киһи дьиэ иһинээҕи кэпсэтиигэ эмиэ туттар буолла.
Араас чаттарга, форумнарга кэпсэтиини көрдөххө, тылы хайдах кылгатан суруйар буолбуттарый? Холобур, “буолуо” диэни “бо”, диэн суруйаллар. Кылгатыы грамотнайа суох суруйартан буолбатах дии саныыбын. Ити бириэмэни харыстаан уонна саамай сүрүнэ, киһи тугу этиэн баҕарбытын түргэнник тиэриэрдэргэ туһаныллар. Аҕыйах сөкүүндэ иһигэр тугу этиэххин баҕарбыккын түргэнник тириэрдиэххэ сөп. Бу түбэлтэҕэ тылы кылгатыы туттуллар.
Наташа СТРУЧКОВА, Х кылаас үөрэнээччитэ.
Сулҕаччы, Амма.
Тылы буомурдуу, киртитии тохтуохтаах
Ийэ тылга, сахалыы сурукка-бичиккэ, саҥаҕа-иҥэҕэ сыһыан билиҥҥи туруга хас биирдии саха киһитин долгутар. Аныгы сайдыылаах үйэҕэ сурук ордук тарҕаммыт көрүҥэ куйаар ситимин суруга-бичигэ буолла. Билигин дьон атах тэпсэн олорон ирэ-хоро кэпсэппэт, санаатын атастаспат кэмэ. Ол оннугар күннээҕи сонуну, араас биллэриини, атыыны-тутууну, рекламаны Интернет ситиминэн (WhatsApp, viber, telegram) кэбэҕэстик үллэстэр буолла.
Бу маннык сурук-бичик сабыдыала оскуола оҕолорун суругар, саҥарар саҥатыгар ордук чуолкайдык көстөр буолла. Көмпүүтэр, төлөпүөн суруга-бичигэ бастаан үөдүйэрин саҕана, сахалыы клавиатура суох буолан, сахалыы дорҕооннор: ҕ-х, ү-у, ө-е, ҥ-н, һ -ь, сахалыы дифтоннар: уо-о, үө-уе, иэ-е солбуллан барбыттара уонна билигин үгэскэ кубулуйан, аныгы оҕо саҥатыгар уонна суругар-бичигэр күүскэ киирдилэр. Маны таһынан, тылы, дорҕоону, дифтону кылгатыы, хайдах саҥарарбыт курдук уларытан суруйуу бара турар. Билигин оскуолаҕа сахалыы диктаҥҥа, сурукка ити үгүстүк көстөр таба суруйуу алҕаһа баар буолбута биһигини долгутар. Төрөөбүт тылбыт тыыннаах, чөл хааларыгар кыһаллар, ол туһугар туруулаһар өй-санаа хас биирдиибитигэр олоҕурдаҕына, “тыл сүттэ да, норуот сүтэр”, диэн этии ис номоҕун, дьиҥ суолтатын дириҥник өйдөөтөхпүтүнэ эрэ тылы буомурдуу, ийэ тылы киртитии тохтуоҕа.
Венера Васильевна ДАНИЛОВА,
Амма улууһун И.И. Константинов-Дэлэгээт Уйбаан аатынан
Сулҕаччы саха тылын, литературатын учуутала.
Матырыйааллары Жанна Леонтьева бэлэмнээтэ.