Эдэр көлүөнэ театра Сунтаарга кэлэн ыалдьыттаата. Олунньу 10 күнүгэр С.А.Зверев- Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинигэр «Кэҕэ» спектакль көрдөрдө.
Зал иһэ тобус толору көрөөччү. Детсад да саастаахтар, оскуола да оҕолоро бааллар. Манна кэпсэнэринэн, сир үрдүгэр дьадьаҥы дьахтар олорбут. Кини түөрт оҕолоох. Оҕолоро ийэлэригэр көмөлөспөккө күнү супту оонньоон тахсаллар.
Ийэлэрэ үлэлии сатааҥ дэлби сылайар эбит. Ону оҕолоро ийэлэрэ сылайарыгар наадыйбаттар эбит. Маннык ыарахан үлэни үлэлии сылдьан, ийэлэрэ ыалдьан хаалар. Ол ыалдьа сытан уу көрдүү сатыыр. Биир да оҕото уу аҕалан биэрбэт. Ол иһин кэҕэ буолан көтөн хаалар. Оҕолор ийэлэрин сырса сатыыллар, көрдөһөллөр, төнүн диэн. Ону ийэлэрэ «Ку-ку төннүбэппин, манна уу элбэх сиригэр баарбын» диир.
Бу спектакль көрөн баран ийэлэри харыстыахха, көмөлөһө сылдьыахха. Маннык остуоруйаны көрөр үчүгэй, оҕолорго ийэҕэ хайдах сыһыаннаһыахтара көстөр.
Ийэни харыстыахха. Ийэлэргит тылын истэр буолуҥ!
Семенова Анисия эдюнкор,
Медиакиин «Дьулуур» Сунтаар бастакы нүөмэрдээх орто оскуолата