Кутана орто оскуолатыгар «Ийэҕэ минньигэс махтал» диэн тэрээһин буолла. Оскуолабыт үөрэнээччилэрэ 5-11 кылааска диэри көхтөөх кыттыыны ыллылар. Барыта холбоон 6 хамаанда турунна. Күрэхпит сыала-соруга: ийэлэрбитигэр минньигэс остуол тэрийии. Уопсайа 3 түһүмэх баара.
Бастатан туран, хамаандалар бары биир дьиэҕэ мустан астыыллар. Иккиһинэн, оскуолаҕа алаадьы уонна салаат астааһына буолбута. Холобур, биһиги бириэмэни сөптөөхтүк туһанаары, уолаттарбыт салаат оҥорбуттара, кыргыттар алаадьы. Дьэ уонна түмүгэр, үлэбитин көмүскээбиппит. Ол курдук, күрэх түмүгэр хотторуулаах ким да хаалбата. Хас биирдии кыттааччы анал аат ылбыта.
Кыайыылааҕынан «Смак» хамаанда буолла. Ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт, ийэлэрбит дуоһуйа сынньанан, астынан барбыттара буолуо диэн эрэнэбит!
Кэскилээнэ Куприянова 11 кыл., «Кутана кыымнара».