Алтынньы ыйга улуустааҕы уруһуй күрэҕэ «Күҥҥэ — сылаас, ийэҕэ — үтүө» диэн 1-4 кылаастар икки ардыларыгар ыытылынна.
Күрэҕи икки бөлөххө араардылар, ол курдук 1 бөлөххө 1-2 кылаастар киирдилэр, иккис бөлөххө — 3-4 кылаастар. Уруһуй куонкуруһун Сунтаар орто оскуолатын 3 №-дээх оскуолата тэрийэн ыытта.
Сунтаар1 №-дээх орто оскуолатын начаалынай кылааһын үөрэнээччилэрэ ситиһиилээхтик кытыннылар. Оҕолорбут кыайыыларын кытары манна үллэстэбит. Ол курдук, 1 кылаастан уопсайа 5 үөрэнээччи кыттыбытыттан, Наталья Николаева 2 миэстэни ылары ситистэ. 2 кылаастартан барыта 8 оҕо кытынна, онтон Лида Подрясова 3 миэстэнэн наҕараадаланна. 3 кылаастартан 7 үөрэнээччи кыттыбытыттан, Санаайа Кириллина 1 миэстэни ылан үөрүүбүт үксээтэ. Онтон төрдүстэр 7 буолан кытыннылар.
Бары кыттыбыт уонна бастыҥнар кэккэлэригэр ааттаммыт оҕолорбутун эҕэрдэлиибит! Инникитин өссө ситиһии кэлэ турдун!
Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолатын медиакиинэ.