Быйыл, 2020 сылга, Россияҕа уонна Аан дойду үгүс государстваларыгар Советскай Союз Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыытын 75 сылын бэлиэтиэхтэрэ. Сэрии сут-кураан, тоҥ хаһаа сылларын инчэҕэй эттэринэн билбит бэтэрээннэрбит сыл-хонук аастаҕын аайы аҕыйаан иһэллэр. Кинилэр күөх халлаан анныгар эйэлээх олоҕу бэлэхтээбиттэрин биһиги хаһан да умнуо суохтаахпыт.
Үүммүт сылы Ил Дархаммыт Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу, ол эбэтэр париотизм сылынан биллэрбитэ. Манан сибээстээн мин оҕолортон 2 ыйытыы биэрдим:
1.Патриот диэн кимий? Хайдах өйдүүгүнүй?
2.Эн билэр дьоҥҥуттан кими патриот диэҥ этэй?
Романов Максим 11 кылаас:
— Патриот диэн, мин санаабар, бэйэтин дойдутун туһунан толкуйдуур, кинини харыстыыр, сайдарыгар бэйэтин күүһүн уурар киһи. Биһиги эһээлэрбитин, эбээлэрбитин патриоттар диэххэ сөп.
Уваровская Юлияна 10 кылаас:
— Кини туохха барытыгар инники, дойдутугар олус бэриниилээх, төрүт нациятын интэриэһин өрө тутар уонна кининэн киэн туттар. Ил Дарханынан, эһээбинэн Уваровскай Василий Густаповиһынан, эбээбинэн Уваровская Виктория Степановнанан киэн туттабын, убаастыыбын. Кинилэри мин дьиҥнээх патриоттар дии саныыбын.
Саввина Айсена 11 кылаас:
— Төрөөбүт дойдутун, дьонун-сэргэтин ытыктыыр патриот диэн буолар. Дойдутун ыарахан кэмҥэ өйүүр-өйөһөр, дурда-хахха буолар. Мин билэр дьоннорбуттан патриот аҕыйах буолуо дии саныыбын, ол эрэн хас биирдии киһи төрөөбүт дойдутун таптыыр, ис иһиттэн кини дьылҕатын туһугар долгуйар. Миигин тулалыыр дьон, ийэм, аҕам, оскуола коллектива, үөрэнээччилэр бары патриот санаалаах буолуохтаахтар. Хас биирдии киһи атын сиргэ, дойдуга бардаҕына төрөөбүт дойдутунан киэн туттуохтаах, көмүскүөхтээх уонна убаастыахтаах.
Брызгалова Туйаара 9 кылаас:
— Киһи барыта төрөөбүт дойдулаах. Патриот диэн сирин-уотун, салгынын, хас күн аайы көрөр күнүн таптыыр, ытыктыыр киһи дии саныыбын. Төрөөбүт дойдутун көмүскүүр, айылҕатын кытта алтыһар, харыстыыр эрэ киһи патриот буолар.
Бурнашева Юля 8 кылаас:
— Дойдутун таптыыр, норуотугар эрэллээх, бэриниилээх киһини патриот диибин. Эһээм Бурнашев Кузьма Иванович дойдутун туһугар алдьархайдаах түөрт сыллаах сэриигэ кыргыспыта. Кинини мин дьиҥнээх патриот диэн ааттыыбын, киэн туттабын!
Зыков Дима 10 кылаас:
-Патриот норуотунан киэн туттар, айылҕатын, сирин-уотун харыстыыр, дойдутун таптыыр, кинини туох да иһин түһэн биэрбэт киһи буолуохтаах. Мин биһиги бары патриоттарбыт дии саныыбын, тоҕо диэтэххэ хайдах киһи төрөөбүт төрүт сирин таптыа, ытыктыа суоҕай?
Ыйыппыт оҕолорум патриот диэни сөпкө өйдүүллэр эбит дии санаатым. Улуу сэрии алдьархайын, хоргуйууну билбит эбээлэрин, эһээлэрин ытыктыыллар, убаастыыллар эбит. Хас биирдии улахан киһи, оҕолор кинилэр үрдүлэригэр турар эйэлээх халлаан иһин кыргыспыт буойуттары, саллааттары өйдүү-саныы сылдьыахтаахтар.
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
Арина Тарасова, 10 кылаас, Табаҕа орто оскуолата.
Мэҥэ-Хаҥалас улууһа ,«Кыымчаан” эдкорпост.