«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын эдэр кэрэспэдьиэнэ буолан, бүгүн мин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Ил Дархана, Россия Федерациятын сенатора Егор Афанасьевич Борисовы кытары көрсүһүүгэ сырыттым. Бу көрсүһүү мин олохпор биир бэлиэ уонна умнуллубат түгэнинэн буолла.
Егор Афанасьевич юнкордары кытары олус эйэҕэстик көрүстэ, хас биирдии оҕо боппуруоһугар толору хоруйдаата. Мин «Ийэ дойду туохтан саҕаланарый?» диэн ыйытыыбар кини олус дириҥи уонна суолталааҕы кэпсээтэ.
— Ийэ дойду диэн бу киһи төрөөбүт сирэ, киһи үөскээбит сирэ. Холобур, төрөөбүт Сахабыт сирэ, төрөөбүт Арассыыйабыт, государство быһыытынан Ийэ дойдубут диэн өйдөбүл баар. Ол гынан баран, холобура, киһи төрөөбүт эйгэтэ, дьиэ кэргэнэ, кини алааһа, кини тэлгэһэтэ бу кини тирэҕэ, бу мин дойдум, мин эйгэм, бу мин таптыыр ийэм, аҕам, бырааттарым, эдьиийдэрим, бу мин таптыыр алааһым, мин Чурапчым диэн өйдөбүлтэн Ийэ дойду үөскүүр. Киһи бу орто дойдуга төрөөн баран, туохха эрэ бэйэтин сыһыанын көрдөрөрө, чугас дьонугар, чугас эйгэтигэр таптала, ытыктабыла. Ол онно үөскээбит өйө-санаата үйэтин-сааҺын тухары бу киһини кытары сылдьар.
Холобур, мин Москваҕа үлэлиибин, номнуо 6-7 сыл буолла. Уоппускам бириэмэтигэр Эмиратка, Сочига да сынньаныахпын сөп этэ. Ол гынан баран мин хайаан даҕаны Саха сиригэр кэлэбин уонна Чурапчыга тахсабын, онно балаҕаннаахпын. Ол балаҕаммын ахтан кэлэбин. Бу мин төрөөбүт дойдум, тапталым, бу мин сирим диэн. Хас биирдии киһи бэйэтин Ийэ дойдута, ол өйдөбүлэ, төрөөбүт сирэ, үөскээбит сирэ, дьоно-сэргэтэ.
Хас биирдии киһи Ийэ дойдуга сыһыана, таптала диэн араас өйдөбүллээх буолар. Араас сыһыаннартан тутулуктаах. Холобур, Ийэ дойдубутугар куттал суоһаатаҕына, ону көмүскүөхтээхпит. Ол иһин Аҕа дойду сэриитин кэмигэр мөлүйүөнүнэн дьон олохторун толук ууран туран, бэйэлэрин төрөөбүт Ийэ дойдуларын көмүскээн, сэриигэ өлбүттэрэ. Ол биһиги дьоллоох буоларбыт туҺугар. Бу сиргэ үөскүүр дьон дьоллоох олордуннар диэн олохторун толук ууран тураллар. Оннугу эмиэ сыаналыы үөрэниҥ. Ийэ дойдуга таптал диэн олус күүстээх өйдөбүл.
Онон Ийэ дойду ыраахтан саҕаламмат, чугастан саҕаланар. Бу мин төрөппүттэрбиттэн, бииргэ төрөөбүттэрбиттэн, алааспыттан, тэлгэһэбиттэн, дьиэбиттэн-уоппуттан.
Мин аан дойду элбэх биллэр дыбарыастарыгар сылдьыбытым. Ол гынан баран бэйэм төрөөбүт дьиэбиттэн, Чурапчыга турар мас дьиэбиттэн, ордук кэрэ мин өйдөбүлбэр суох. Ол иһин төрөөбүт дьиэбэр кэлэ турабын. Киһи Ийэ дойдуга сыанабыла тугу да кытта тэҥнэммэт.
Маны таһынан, Егор Афанасьевич 1968 сыллаахха тахсыбыт «Щит и Меч» диэн киинэҕэ Марк Бернес диэн оччолорго Сэбиэскэй Сойууска аатырбыт ырыаһыт баарын, ол киинэҕэ ылланар ырыа «С чего начинается Родина» күн бүгүҥҥэ диэри норуот таптаан ыллыыр ырыата буоларын уонна онно Ийэ дойду туһунан сүрүн өйдөбүллэрин эппиэтэ итиннэ сытарын эттэ.
Алгыстаана Захарова,
Дьокуускай куорат 25-с нүөмэрдээх оскуола 8 кылааҺын үөрэнээччитэ.
keskil14.ru