Омугуттан тутулуга суох ханнык баҕарар норуот саҥаттан саҥа көлүөнэни эт-хаан, сиэр-майгы, өй-санаа өттүттэн иитиигэ ураты болҕомтолоох буолара. Оттон кэнники кэмҥэ эдэр ыччаты иитии-такайыы кыһалҕата улам-улам таһыма намтаан иһэр. Эбиитин билиҥҥи кэмҥэ тэлэбиисэр, интэриниэт, төлөпүөн, көмпүүтэр иитэ-саҕата суох барда, ол иһин оҕону сиэр-майгы, өй-санаа тыыныгар иитии-такайыы өссө уустугурар, сытыырхайар кутталлаахтар.
Ол иһин, дьиэ кэргэн, уһуйаан, оскуола, үөрэх тэрилтэлэрэ билиҥҥи уонна кэлэр кэм көрдөбүлүн учуоттаан туран, бары биир санаанан оҕону иитии-такайыы кыһалҕатын сөргүтэллэрэ наада буолла. Былыр оҕону дьиэ кэргэнинэн иитэллэрэ. Аҕа ууһун аатын үрдүктүк тутан, ханнык да түгэҥҥэ түһэн биэрбэт иһин, бары бүттүүн кыһаллаллара. Оттон билиҥҥи кэмҥэ дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитии дьаалатынан устар дии саныыбын. Дьиэ кэргэн диэн — омук дьылҕатын эрэллээхтик сайыннарар сүдү күүс буолар, ол туһугар ыччаты өй-санаа, олох-дьаһах өттүнэн иитии кыһалҕата ханнык да кэмнээҕэр улахан болҕомтону эрэйэр. Бастатан туран, дьиэ кэргэҥҥэ ийэ, аҕа, эбээ, эһээ оҕолорун “Уҥуохпутун көтөҕөр, ааппытын ааттатар киһини иитэн таһаарабыт” диэн өйдөбүллээх буолары ситиһиэхтээхпит. Иккиһинэн, «Иитии киһи аймаҕы, норуоту, кини тылын кытары бииргэ үөскээбитэ. Төрөөбүт тыл улуу народнай педагог», — диэн К.Д. Ушинскай эппит санаатын тутуһуохтаахпыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ үгүс төрөппүт: «Оҕом нуучча тылынан үөрэннэҕинэ эрэ киһилии киһи буолар» диэн санаанан салайтаран, төрөөбүт тылларынан үөрэттэрбэттэр, саха оҕотун нуучча кылааһыгар киллэрэллэр. Онон оҕолорун толкуйдарын ыһаллар. Дьэ, ити курдук түҥ-таҥ түһүү кэмигэр олоробут. Оҕо төрөөбүт тылынан үөрэннэҕинэ эрэ, айылҕаттан баар дьоҕурун төһө баҕарар сайыннарыан сөп диэн өйдөбүлү умнумаҥ. Оҕону иитиигэ кини туох ханнык киһи буолан улаатара, ол төрдө-төрүөтэ оҕо дьиэ кэргэҥҥэ иитиллиититтэн быһаччы тутулуктаах. Мин санаабар, ити кыһалҕаны туоратарга бастатан туран, төрөппүтү үөрэтии баар буолуохтаах эбит. Хас биирдии оскуолаҕа “Төрөппүт оскуолата» диэн куурустары тэрийиэххэ сөп дии саныыбын.
Дьиэ кэргэнтэн ураты оҕо өссө уһуйааҥҥа уонна оскуолаҕа иитиллэр. Учуутал да, баспытаатал да бастатан туран, иитээччи. Уһуйааҥҥа оҕо дьиэ кэргэнтэн уһуйуллан кэлэр. Хас биирдии төрөппүт оҕотун бэйэтин таһымынан иитэр. Уһуйаан иитээччилэрэ онно барытыгар сөп түбэһэр көрүүлээх буолуохтаахтар. Билиҥҥи кэмҥэ уһуйааҥҥа иитии эмиэ уустугурда. Сахалыы иитиллибит оҕолор нууччалыы тыллаах дьыссаакка киирэн хаалан эрэйи көрөллөрө элбээн иһэр. Куорат усулуобуйатыгар сахалыы тыллаах уһуйаан ахсаана аҕыйах. Онон бастатан туран, сахалыы уһуйаан элбиирэ наада. Оччоҕо эрэ оҕону сиэр-майгы, өй-санаа , эт-хаан өттүнэн иитэн, аҕыйах ахсааннаах саха норуота сайдыы суолун тобулуо.
Учуутал… бу кэрэҕэ, сырдыкка угуйар тыл хас биирдии киһиэхэ истиҥ сырдыгынан сыдьаайар. Ханнык да норуокка, ханнык да оскуолаҕа инникигэ угуйааччы, кэрэҕэ сирдээччи, саҥаны саҕааччы учуутал буолар. Урукку дьылларга да, билиҥҥи да кэмҥэ учуутал сыралаах үлэтэ кини үөрэппит оҕотунан сыаналанар. Мин санаабар, учуутал оскуолаҕа үлэлии кэлэн баран, болҕомтотун сыһыан бэдэгиэгикэтэ диэҥҥэ ууруохтаах. Ол аата анаммыт кылааһыгар учуутал-үөрэнээччи-төрөппүт икки ардыгар иллээх-эйэлээх, ытыктабыллаах сыһыан олохсуйарын ситиһэр. Учуутал төрөппүттэрин эмиэ иитэр. Ол аата оҕону сиэр-майгы, эт-хаан , өй-санаа өттүттэн иитиигэ төрөппүтү кытта санаа атастаһыыта, сүбэлэһии, алтыһыы баара ирдэнэр. Оччоҕо төрөппүт кылаас олоҕор чопчу сыһыаннаах эбиппин диэн санааҕа киирэн, көмөлөһөн, сүбэлэһэн барар, туора туран хаалбат. Оччоҕо биир идиэйэ, биир дьыала тула мустубут дьон биир санааҕа киирэн, бэйэ-бэйэлэригэр чугасыһаллар, доҕор-атас курдук санаһан бараллар. Хайдахтаах да кыаллыа суох буолбут үлэ кыаллар, онон биир сомоҕо кэлэктиип буола түһэллэр. Ол курдук куорат да, тыа да усулуобуйатыгар оҕо өйө-санаата, этэ-хаана сайдарыгар бары өттүнэн биир санаанан салайтарыы түмүгэр ситиһиилээх оҕо элбээн барар. Этэргэ дылы, оҕо ис айылгыта кэһиллибэккэ сайдарыгар сөптөөх үлэ саҕаланар. Төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ сыл аайы уларыйан иһэрэ соччото суох дии саныыбын. Бэрэссэдээтэл сыл аайы үлэтин өссө тупсаран иһэрин курдук усулуобуйа тэриллэрэ сөп курдук. Ити курдук биир санаанан үлэлээһин оҕоҕо эмиэ дьайар. Учуутал-төрөппүт-үөрэнээччи сыһыаҥҥа киирэн, ону оҕо ылынан, үөрэҕэр да кыһаллар, бэйэтин бодотун тардынар, туохха барытыгар кини эмиэ кыттыһар баҕата үөскүүр, билиигэ-көрүүгэ тардыһар, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыанынан, сиэр-майгы өйдөбүлүнэн олорор, киртэн-хахтан тэйэр, Ийэ сирин айылҕатын баайын-дуолун харыстыыр, абыычайын ытыктыыр, төрөөбүт тылын баһылаан, сайдыы суолун тобулар.
Татьяна Артамоновна СКРЯБИНА,
Арассыыйа уопсай үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна, “Методист Якутии” бэлиэ хаһаайына, Саха сиринээҕи норуот бэдэгиэгикэтин Ассоциациятын чилиэнэ.