Бэс ыйын 26-28 күннэригэр Чурапчы улууһугар 19-с төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥка чэрчитинэн былассааккаларынан араас куурустар, сэминээрдэр, күрэхтэр, бырайыактары билиһиннэриилэр ыытылла тураллар.
Ол курдук, «Тыл – омук тыына» диэн түһүлгэҕэ «2023 сылга саха литэрэтиирэтин үбүлүөйдээх суруйааччылара» диэн уруокка, дьарыкка ньыма быһыытынан туттуллар үлэлэр күрэхтэрэ буолла.
Бу күрэх сүрүн сыалынан учууталлар, иитээччилэр сайдыылара, сатабылларын, билиҥҥи кэмҥэ эппиэттиир уопуттарын, матырыйаалларын атастаһыылара буолар. Быйылгы үбүлүөйдээх суруйааччыларбытынан буолаллар: филолог-учуонай, судаарыстыбаннай деятель, саха сэбиэскэй литэрэтиирэтин төрүттээбит суруйааччы, поэт Платон Алексеевич Ойуунускай, оҕо суруйааччыта Анна Денисовна Неустроева, сатирик-поэт, тылбаасчыт Степан Афанасьевич Саввин-Күн Дьирибинэ, поэт, тылбаасчыт Иван Егорович Слепцов-Иван Арбита, фронтовик-суруйааччы Семен Осипович Никифоров, саха норуодунай суруйааччыта Николай Алексеевич Лугинов уонна саха норуодунай суруйааччыта, драматург Дмитрий Федосеевич Наумов.
Бу күрэххэ өрөспүүбүлүкэбит араас оройуоннарын үөрэх кыһалталарыттан, уопсайа, 40 тахса кыттааччы кэлбит. Экспертэр хас биирдии кыттааччы үлэтин ырытан, санааларын этэн, сүбэлээн, чаҕылхай көрдөрүүлээх бастыҥ үлэлэри таллылылар.
Ол курдук, Мария Егоровна Павлова, Кэбээйи орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, «Цифровые образовательные ресурсы на уроках родной (якутской) литературы» диэн үлэтин көмүскээн, кыайылаах үрдүк аатын ылары ситистэ. Мария Егоровна саха литэрэтиирэтин үбүлүөйдээх суруйааччылара киирбит открыткаларын хомуурунньугун оҥорон таһаарбытын көрдөрдө. Манна кинилэр тустарынан ситимнэргэ тута киириллэр QR-код сыһыарыылара баар. Мария Егоровна төрөөбүт литэрэтиирэ уруоктарыгар аныгы үөрэх технологияларын туһанан, «пазл-оонньуу», «хронология», «көппүт тыллары ситэр», «ханыытын бул, «хаартысканан таай» диэн интерактивнай сорудахтардаах, оонньуулардаах, тестэрдээх матырыйаалларын көрдөрдө, кыттааччыларга, истээччилэргэ түҥэттэ. Маны таһынан кини бэйэтэ салайар «Дьоҕур» медиа-оскуола оҕолоругар айымньыларга ютуб ситимигэр буктерйлердары оҥотторбутун көрдөрдө. Уонна Эдьиий Дора эппит этиитинэн үлэтин түмүктээтэ: «Билиҥҥи кэм киһитэ олох ситимиттэн хаалыах суохтаах, чэпчэкитик үктэнэн, барыны бары үчүгэй эрэ өттүнэн ылынан, ыра санаанан салайтара сылдьыахтаах».
I степеннээх дьупулуом туттарылынна: Фекла Николаевна Шаринаҕа, В.П. аатынан Майа орто оскуолатын учууталыгар, Ирина Семеновна Слепцоваҕа, Сулҕаччы орто оскуолатын учууталыгар.
II степеннээх дьупулуом К.О. Гаврилов аатынан Бүтэйдээх орто оскуолатын бибилэтиэкэригэр Елена Тимофеевна Васильеваҕа, Нам улууһун Арбын орто оскуолатын учууталыгар Катерина Николаевна Догордуроваҕа туттарылынна.
III степеннээх дьупулуому ыллылар: Амма улууһун Е.А. Шишигин аатынан Сатаҕай орто оскуолатын учууталлара Наталия Тихоновна Адамова, Степанида Анатольевна Яковлева, Амма улууһун Мээндиги орто оскуолатын учуутала Валерия Васильевна Тарабукина.
Маны таһынан анал ааттары ылары ситистилэр: «Лучший дидактический материал» анал аатынан Мэҥэ Хаҥалас улууһун Табаҕа орто оскуолатын учуутала Светлана Николаевна Ефимова, «Лучший проект по популяризации чтения» анал аатынан Таатта улууһун Игидэй орто оскуолатын учуутала Варвара Константиновна Ефимова, Дьокуускай куорат 7-с нүөмэрдээх оскуолатын учуутала Саргылана Прокопьевна Маркова.
Ити курдук, күрэх кыттааччылара оҕо төрөөбүт тылынан ыраастык саҥарарын, саха литэрэтиирэтин суруйааччыларын айымньыларын сөбүлээн ааҕарын туһугар ханнык ньыманан уруогу ыытар көдьүүстээҕин туһунан сыралаах үлэлэрин билиһиннэрдилэр, уопуттарын атастастылар. Кыттааччыларга инникитин өссө да ситиһиилэри баҕарабыт.
Снежана ВОРОНОВА