СӨ үѳрэҕириитин туйгуна, СӨ Ил Дарханын Гранын кыайыылааҕа, «Амма киэн туттуута», улуус уонна нэһилиэк сайдыыларыгар кылаатын иһин бэлиэлэр хаһаайына, Амма нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, иитээччи идэлээх, олохтоох ааптар Дария Егоровна Васильева – Амма Даайыс 70 сааһын бэлиэтиир күнүгэр дьиэ кэргэнинэн ааҕыыга өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс ыытылынна.
Тэрээһини улуус үөрэҕириитин салалтата, В.И. Жожиков аатынан оҕо бибилэтиэкэтэ, «Айар абылаҥ» кииннэммит бибилэтиэкэ иһинэн үлэлиир хоһоонньуттар түмсүүлэрэ уонна «Кэнчээри» оҕону сайыннарар Киин тэрийэн ыыттылар.
Ааптар олоҕун, айар үлэтин билиһиннэрэр, айымньыларын киэҥ эйгэҕэ таһаарар, эдэр көлүөнэҕэ тиэрдэр сыаллаах ааҕыы бырааһынньыгар Амма бары нэһилиэктэриттэн, Тааттаттан, Чурапчыттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Горнайтан, Сунтаартан, Үөһээ Бүлүүттэн, Бүлүүттэн, Ленскэйтэн, Дьокуускайтан барыта 100 ааҕар ыал кытынна. Дьүүллүүр сүбэҕэ ааптары сэргэ «Кэнчээри» оҕону сайыннарар киин иитээччитэ, «Айар абылаҥ» түмсүү кыттыылааҕа Оксана Кривогорницына уонна Оҕо библэтиэкэтин сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ Лариса Винокурова үлэлээтилэр.
Бэй.инф.
Амма Даайыс
Хаар
Куба түүтэ тэлээрэр дуу диэбитим,
Кылбаа маҥан хаар эбит,
Үрүҥ баата көтөр диэн көрбүтүм,
Үчүгэй бэйэлээх үрүҥ кыырпах эбит.
Хаар—кыһыҥҥы доҕорбут,
Хаар—кырыа айылҕабыт.
Мээчик
Төкүнүк мээчиги
Төлө туттум,
Эккирэтэн элээрдим,
Өр гымматым—бу туттум!
Тэйиэккэлээ,тэйиэккэлээ,
Тэбиэһирэ түһүккэлээ,
Тэбэнэттээх сэгэрим—
Тэйэр-тэбэр мээчигим!
1
Э5эрдэ Дария Егоровнабытыгар,кыра кыыьым саамай таптыыр воспитателя.