«Игра в кальмара» сериалга геройдар кэриэй норуотун оонньууларынан тургутуулары ааһаллар. Саахартан оҥоһүллубут бичиэнньэни инньэннэн аалан оонньуурбутун бары да сөбүлүүр буоллубут. Бу аһы хайдах оҥорорбутун биһиэхэ Максимилиан уонна Изабелла Матвеевтар кэпсиэхтэрэ.
Бу кэриэй омугун төрүт аһын оҥорорго биһиэхэ икки бородукта наада (1 устуукаҕа)
Саахар – 2 чаайынай ньуоска.
Суода – ½ чаайынай ньуоска.
Бичиэнньэ оҥорор форма.
Астааһына:
1. Көстүрүүлээҕэ саахары кутан уулларабыт. Бу кэмҥэ саахарбытын кичэйэн булкуйабыт.
2. Саахарбыт саһархай буоллаҕына, суоданы эбэбит.
3. Ууллубут саахары хачыгырас кумааҕыга сэрэн кутабыт. Төкүнүк гына тэнитэбит.
4. 10 сөкүүндэ кэтэһэбит. Тиэстэн имигэс буолуо. Бэчиэнньэ форматынан ойуутун оҥоробут.
5. Саамай кэтэһиилээх кэмин кэллэ. Билигин түргэнник илиигэр иннэни ыл уонна бэйэҕин тургутан көр.