Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолата Билии күнүн саҥа таас оскуолаҕа ылла. Оскуола үөрүүлээх линейкатыгар дириэктэринан ананан үлэлии кэлбит Иннокентий Дягилев үөрэнээччилэри, учууталлары уонна төрөппүттэри үөрэх дьыла саҕаламмытынан эҕэрдэлээтэ. Нажим Нестерев аатынан «Сайдам» Оҕо тэрилтэтин лидера, 10 кылаас үөрэнээччитэ Милена Ивановалыын дойдубут Россия былааҕын таһаардылар.
Игидэйгэ быйыл саҥа таас оскуола аанын тэлэччи аста. Дириэктэр Иннокентий Дягилев үөрэхтээһиҥҥэ киирбит саҥа уларыйыылар, быйылгы үөрэх дьылыттан оскуолабыт «Точка роста» диэн федеральнай программанан үбүлэнэр улахан национальнай бырайыакка кыттарын иһитиннэрдэ. Республика 54 оскуолатын иһигэр киирбиппитин, онтон улууска 2 эрэ оскуолаҕа анаммытын эттэ.
Тыа сирин оҕото куорат оскуолаларын оҕолоруттан хаалсыбакка конкурентноспособнай буоларыгар, цифровизация, аныгы технология нөҥүө сайдыы суолун сөптөөхтүк тэлэн билиини иҥэринэригэр туһуланар. Бу педколлектив хас да сыллаах үлэтин түмүгэ, ситиһиитэ диэн эттэ. Сомоҕолоһуу сыла, Театр сыла уонна Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө биир санаанан түмсүүлээхтик үлэлиэххэйиҥ диэн ыҥырда уонна классик суруйааччы, саха суругунан литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Н.Д. Неустроев үөрэх, билии, сайдыы туһунан этиитинэн этэр тылын түмүктээтэ. Итиэннэ 1-кы кылаас оҕолоругар бэлэх туттарда.
Игидэй нэһилиэгин баһылыга Р.А. Захаров тыл эттэ. Полония поляктарын обществолара тиэрпит бэлэхтэрин 1-кы кылаас салайааччытыгар Павлова Е.П. туттарда. Нэһилиэк музейын сөргүтүүгэ үлэ бара турарын иһитиннэрдэ. Хас биирдии үөрэнээччи патриотическай тыыҥҥа иитиллэн нэһилиэктэрин историятын, культуратын билэ, сэҥээрэ улааталларыгар баҕарда. Бэтэрээн учуутал Пахомова С.С. саҥа оскуола боруогун атыллаабыт кырачааннарга, оскуола выпускниктарыгар, бары үөрэнээччилэргэ кэс тылын эттэ. Онтон алтан чуораан чугдаарар тыаһа бастакы уруокка ыҥырда.
Бүтүн Арассыыйатааҕы Оҕо хамсааһынын ыытар акцияларынан » Уроки Добра» уонна РФ Президенин уурааҕынан 2020 сыл Улуу Кыайыы 75 сылыгар ананарынан «Уроки Памяти» ыытылынна. Ол курдук, 3-с кылаас салайааччыта Матаннанова М.П. кылааһын чааһын Кыайыы былааҕар анаата.
Ааптар: Гизелла Попова, педагог-библиотекарь Игидэй, Таатта.