Эдуард Карлович Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччитэ Дима Аргунов байыаннай идэлээх, уоттаах сэриигэ сылдьыбыт, майор Николай Дмитриевич Аргунов байыаннай олоҕун, сэриигэ сылдьыбыт суолун хасыһан үөрэтэр. Дмитрий Ананьевич Петров аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи видео куонкуруска анаан видеоролик оҥордо.
Николай Дмитриевич Аргунов 1913 сыллаахха алтынньы 26 күнүгэр Саха уокуругун Игидэй нэһилиэгэр бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа.
Наҕараадалара: «Кыһыл Знамя» уордьан, икки «Кыһыл сулус» уордьан, «За боевые заслуги», «За доблестный труд в ознаменование 100 лет со дня рождения В.И. Ленина», «За победу над Германией в Великой Отечественной Войне», «За победу над милитаристской Японией» мэтээллэр.
Салайааччы: Варвара Константиновна Ефимова.