Бүгүн ыам ыйын 15 күнүгэр, Дьиэ кэргэн күнүгэр, Игидэй орто оскуолатыгар Россияҕа Дьиэ кэргэн сылыгар, Саха Сиригэр Оҕо сылыгар анаммыт дьиэ кэргэн икки ардыларыгар «ТОК-шоу» интеллектуальнай күрэх бэрт сэргэхтик ыытылынна. Күрэхтэһиигэ үс көлүөнэттэн турар 6 дьиэ кэргэн хамаандалара билим араас хайысхаларыгар тургутугу аастылар, сорудахтары оскуолабыт методическай холбоһуктара толкуйдаан оонньоттулар.
Уопсай күрэхтэһии түмүгүнэн:
Муҥутуур кыайыылааҕынан 4 кылаас хамаандата буолла: Аргунов Петр Петрович, Светлана Петровна, Айыына Варвариковалар.
1 миэстэ — 6 кылаас хамаандата: Ордахова Светлана Федоровна, Ирина Степановна, Слава Потаповтар.
2 миэстэ — 5 кылаас хамаандата: Ермолаева Людмила Коммунаровна, Туйаара Петровна, Лонгин Иовлевтар.
3 миэстэ — 3 кылаас хамаандата: Анна Михайловна Окоемова, Варвара Федоровна, Артем Бурмистровтар.
“Тобуллаҕас толкуйдаах дьиэ кэргэн” анал аат — 7 кылаас хамаандата: Анна Прокопьевна, Татьяна Эдуардовна, Лиана Марковтар.
«Иллээх дьиэ кэргэн» анал аат — 8 кылаас хамаандата: Кузьмина Любовь Макаровна, Эверстова Василиса Валерьевна уонна Иванов Валерий.
Бүгүҥҥү үөрүүлээх бырааһынньыгынан, Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Алаһа дьиэҕит куруутун сылааһынан, сырдыгынан сыдьаайдын, оҕо чуопчаарар куолаһынан, үөрүүнэн туоллун, дьол-соргу эрэ аргыстастын!
Любовь Николаевна Захарова, директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы.
keskil14.ru