1990 сыллаахха пионерскай тэрилтэ суолтата сүтэригэр үһүс кылаас үөрэнээччилэригэр «Уйан сүрэхтэр»-«Тымтык» диэн бөлөх тэриллибитэ.1995 сылтан аата уларыйан «Иэйиэхсит»-«Тымтык» буолбута (салайааччы Н.Н. Михайлова). Бөлөх сүрүннээн 1992 сыллаахха уйулҕа профессора А.П. Оконешникова бырагырааматынан үлэлиир.
«Иэйиэхсит» оҕо бөлөҕөр сылдьыбыт оҕолор өрөспүүбүлүкэ араас муннугар идэ ылан үлэлии сылдьаллар. Төрөөбүт, улааппыт Ороһуларыгар кэлэн үлэлии сылдьаллар нэһилиэк баһылыгын солбуйааччытынан Анастасия Капитоновна Ильина, оскуола директорынан Прокопий Устинович Никонов, култуура киинин методиһынан Дария Прокопьевна Семёнова, Уйбаан Ороһуунускай аатынан олохтоох библиотека сэбиэдиссэйинэн Жанна Семёновна Иванова.
Бөлөх Жанна Семёновналыын чугастык алтыһан үлэлиибит. Кини библиотекатыттан биир хоһу биэрэн, иэйиэхситтэр онно мустан куукула театрын үлэлэтэбит, бэйэбит испитигэр араас тэрээһиннэри тэринэбит, научнай-практическай кэмпэриэнсийэлэргэ кыттарбытыгар бэлэмнэнэбит, библиотекаҕа баар сымнаҕас оонньуурдарынан да оонньоон ылабыт. Кинигэ уларсан ааҕабыт, библиотекаҕа сороҕор уруокпутун да аахтан ылабыт. Библиотека модельнай библиотека статустаах буолан миэбэллэринэн ситэн-хотон турар, хас да компьютердаах. Компьютердары туһанан, оҕолор араас таһымнаах докладтарга куйаар ситиминэн кытталлар.
Кэмиттэн-кэмигэр бэлиэ күннэргэ быыстапкалар тэриллэн иһэр буоланнар, кэбэҕэстик кинигэ уларсан, ааҕан ыытыллар тэрээһиннэргэ ситиһиилээхтик кыттабыт.
Оҕо бөлөҕө салайааччыбытын, эбээлэрбитин, эһээлэрбитин кытта 2005 сыллаахха «Эбээ үөрэҕэ», 2007 с. «Ороһу нэһилиэгэ», 2020 с. «Кэскиллиин үйэлээх доҕордоһуу», 2021 с. «Ороһуга оҕо сааһым» диэн кинигэлэри хомуйан таһааттаран, библиотекаҕа бэлэхтээбиппит.
Жанна Семёновналыын «100 сылга — 100 санаа» диэн олохтоохторго акция тэтэрээтин олохтоон, сүүс санаа суруллан кинигэ-альбом таһааттараары бэлэмнээн бүтэрэн эрэбит. Жанна Семёновна «Тымтык» эдэр кэрэспэдьиэннэрэ хаһыакка суруйбут ыстатыйаларынан библиографическай ыйынньык оҥорон бэлэхтээбититтэн үөрбүппүт.
Жанна Семёновна олохтоохтору кытта биир ситимнээхтик үлэлиир буолан, үлэтэ таһаарыылаах.
«Иэйиэхсит»-«Тымтык» бөлөх оҕолоро, Ороһу.