Биһиги үөрэхпитин таһынан күн аайы туох эрэ саҥаны билэргэ кыһаллабыт. Ол олус суолталаах. Учууталларбыт үөрэнэрбит тухары бэйэни салайыныы, сыал-сорук туруорунуу, олоххо тугу эрэ ситиһэргэ дьулуһуу курдук хаачыстыбалары иитэ сатыыллар.
Кыра кылааска сылдьан «Таһырдьа оонньуу тахсар дуо?», «Утаттым аҕай, уу таһаарыаҥ дуо?», — дии-диибит оонньуур этибит. Оттон билигин оҕо барыта социальнай ситимҥэ олорор, оонньуур. Оҕолор бэйэ-бэйэбитин кытта телефонунан эрэ кэпсэтэбит, доҕордоһобут.
Ол иһин «Бэс чагдаҕа» үөрэммит сатабылларбытын бэйэбит оскуолабыт оҕолоругар тиэрдэ сатаатыбыт, оонньуу арааһын оонньоттубут.
Бу күннэргэ «Дьоҕур» пресс-киин оҕолоро 6-8 кылаас үөрэнээччилэригэр маастар-кылаас ыыттыбыт. Биһиги оскуолабатыттан алта көхтөөх оҕо «Бэс чагда» оҕо сынньанар киинигэр «Медиавызов» уонна «Мин-лидербын» олус үчүгэйдик сылдьан, үүнэн-сайдан кэлбиппит. Умайар харахтаах, креативнай өй-санаа уонна суруналыыс быһыытынан элбэххэ үөрэнэн кэлбиппит. Ол сменаҕа ылбыт үөрүйэхтэрбитин оҕолорго тиэрдээри, кэпсээри бу тэрээһини ыыттыбыт.
Оҕолор олус көхтөөхтүк кытыннылар, бары астынан тарҕастылар. Оттон биһиги баҕа санаабыт туолла!
Сайаана Терехова, 8 кылаас,
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.