Күһүҥҥү сынньал күннэрин туһалаахтык атаарар сыаллаах Кэбээйи орто оскуолатын 10 кылаас үөрэнээччилэрэ кылаас салайааччыларын уонна төрөппүттэрин кытта икки күннээх «Идэни сөпкө талыы» диэн профориентационнай үөрэххэ сырыттылар. Кураторынан М.К. Аммосов аатынан ХИФУ «Эбии үөрэхтээһин факультетын» специалиһа Е.И. Иванова салайан сырытта.
Бастакы күммүт математика уонна информатика институтун (ИМИ) профориентационнай үлэтиттэн саҕаланна. Манна ыаллыы сытар Бэрдьигэстээх нэһилиэгин 11 кылааһын үөрэнээччилэрин кытта бииргэ иһиттибит. Институт үлэһиттэрэ кафедараларын үлэтин, абитуриеннар ханнык олимпиадаларга кыттан, ханнык экзаменнары туттаран, бу үөрэххэ киирэри олус интэриэһинэйдик кэпсээтилэр, билиһиннэрдилэр. Чуолаан ханнык сайтка киирэн олимпиадалары толорор ордугун сүбэлээтилэр. Түмүккэ, бу үөрэҕи бүтэрэн, билигин үлэлии-хамсыы сылдьар холобур оностор выпускниктарын киэн тутта билиһиннэрдилэр.
Салгыы атын улуус оҕолорун кытта бииргэ өссө сэргэх көрсүһүүгэ сырыттыбыт. Манна медицинскэй институт, психология института, финансовай-экономическэй институт, филологическай факультет, юридическай факультет специалистара бииртэн биир интэриэһинэй сэһэргэһиини ыыттылар. Үлэһиттэр псхологическай тургутугу ыытан, ханнык хайысхаҕа сөп түбэһэрбитин билэрбитигэр көмөлөстүлэр. Бу көрсүһүүттэн тустаах интэриэһиргиир идэбит туһунан элбэҕи биллибит, ыйытыыларбытыгар чуолкай эппиэттэри ыллыбыт.
Маны таһынан, Лидия Андреевна салайааччылаах «Зоомузейга» уонна естественнэй наукалар институттарыгар сылдьан, баһылыахтаах идэлэрбитин билистибит. Музей экспонаттарын көрдүбүт. Элбэх билбэт идэлэрбитин истэн сэҥээрдибит.
Салгыы институт иһинэн үлэлиир химическэй лабораторияҕа киирэн, аныгы технологияны билистибит. Түмүктүүр экскурсиябытын хотугулуу-илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтугар көрүстүбүт. Бу институт үлэһиттэрэ олус үчүгэй бэлэмнээх көрсүбүттэрин бэлиэтиэххэ наада. Экскурсиябыт 3 этээстэн турар, 260 тыһыынча кинигэлээх библиотекатыттан саҕаланна. Манна ХИФУ араас хайысхаҕа үөрэнэр устудьуоннар бары сылдьаллар эбит. Киириитэ, тахсыыта наһаа интэриэһинэй, баҕалаах эрэ барыта умсугуйан сылдьар миэстэтэ. Салгыы институт сэбиэдиссэйэ Наталья Сергеевна Атакова олус интэриэһинэйдик үөрэх туһунан кэпсээтэ. Маныаха устудьуоннар бэйэлэрэ кэлэн кэпсээбиттэрэ оҕолорго олус умсугутуулаах буолла.
Бу курдук дойдубут тэбэр киинигэр, Дьокуускай куоракка, үрдүк үөрэх кыһаларын кэлэн билсибиппититтэн астынныбыт. Инники олохпутугар, сөптөөх идэни таларбытыгар олус туһалаах, наадалаах буолуо диэн саарбахтаабаппыт.
Бу икки күммүтүн куорат араас аралдьытар, сынньатар кииннэригэр сылдьан, дуоһуйа сынньанныбыт. Түгэнинэн туһанан, кураторбытыгар Евдокия Ивановнаҕа, кылааспыт төрөппүттэригэр маннык тэрээһини өйөөн тэрийбиккитигэр, ыыппыккытыгар махталбытын тиэрдэбит.
10 «б» кылаас үөрэнээччилэрэ, кылаас салайааччыта О.И. Обутова,
Кэбээйи орто оскуолата.