Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр дьоннор учууталларын туһунан үтүө өйдөбүллэрин үллэстэллэр: «Билигин үлэлии сылдьар идэбин таларбар учууталым хайҕабыла миэхэ улахан суолталааҕа».
Алексей Константинов, «Саха» НКИК “Тэтим” араадьыйатын ыытааччыта: «Хайҕанар уруогум “Саха тыла” этэ».
— Оскуола сыллара —хас биирдии киһиэхэ умнуллубат кэмнэр. Оскуолаттан ылбыт билиибит олохпут акылаата буолар. Учуутал хайҕаабыт, мөхпүт-эппит да түгэннэрэ өйбүтүгэр-санаабытыгар хаалан, олохпут суолун буларга көмө буоллахтара. Мин хайҕанар уруогум диэн саха тыла уонна литературата этэ. Билигин үлэлии сылдьар идэбин таларбар бу хайҕабыл миэхэ улахан суолталааҕа. Өскө маннык өйөбүл суоҕа буоллар, баҕар атын идэни талыам эбитэ буолуо. Онтон саамай ыарырҕатарым химия буолара. Учууталы хомоппут түгэним…аҕыйаҕа суох этэ. Ордук учууталлар тылларын истибэккэ, эппиттэрин толорбокко, хомотор этим быһыылаах. Билигин кэмсиммитим иһин, хайыыр да кыах суох. Мэник баҕайы кылаас этибит. Үөһээ Бүлүү И.Барахов аатынан оскуолатыгар үөрэппит Зоя Петровнаны, Людмила Тимофеевнаны, Оҥхойго Екатерина Михайловнаны Учуутал күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин, дьолу-соргуну, махталлаах үөрэнээччилэри баҕарабын!
Нарыйа Березкина, ХИФУ юридическай факультетын преподавателэ, “Кэскил” хаһыат урукку эдкора: “Долгуйан, саала түгэҕэр олороро…”
— Мин оскуолатааҕы сааспыттан күндүтүк саныыр, элбэххэ үөрэппит, бэйэбэр эрэллээх буолууну үөскэппит учууталбынан Ангелина Николаевна Говорова буолар. Кини билигин даҕаны Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Балыктаах орто оскуолатыгар нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлии сылдьар. Биһиги Ангелина Николаевналыын түүннэри-күнүстэри араас таһымнаах кэмпириэнсийэҕэ, олимпиадаҕа бэлэмнэнэрбит. Бу кэлин санаатахпына, кини миэхэ наһаа күүскэ эрэнэн, кыайыыга-хотууга кынаттаабыт эбит. Аҥардас саҥарбакка сымнаҕастык көрөн кэбистэҕинэ, миигиттэн үчүгэй үөрэнээччи суоҕун курдук сананарым. Дьиктитэ баар, ол кэмпириэнсийэҕэ дакылааттыырбар…олох ыраах саала түгэҕэр олорор буолара. Ону: “Бэйэм ордук долгуйабын. Долгуйбутум оҕобор бэриллиэ диэн ыраахтан көрөбүн”,— диэн быһаарар этэ.
Виталий Щукин, КВН оонньооччута, биллиилээх вайнер: “Илиибиттэн сиэтэн репетицияҕа аҕалбыттара…”
— Ээ, мин учууталларбын билиҥҥэ диэри үөрдэ-көтүтэ сылдьар буоллаҕым! Аан бастаан КВН суолугар тиэрдибит дьонунан мин саамай сөбүлүүр учууталларым Вера Александровна Шарапатова уонна Елена Петровна Бардина буолаллар. Кинилэр төһө да математика уонна биология курдук “туох да көрө-күлүүтэ суох” бэридимиэттэри үөрэттэллэр, дьон быһыытынан олус аламаҕай, аһаҕас этилэр. Хас биирдии оҕо ис санаатын, баҕа санаатын өтө көрөн, биллибэтинэн салайан биэрэллэрэ. Ол курдук, миигин, этэргэ дылы, “илиибиттэн сиэтэн”, КВН репетициятыгар аҕалбыттара. Ол иһин мин кинилэргэ махталым улахан. Мин үөрэммит 21 №-дээх Дьокуускай к. оскуолатын учууталларыгар, чуолаан Вера Александровнаҕа уонна Елена Петровнаҕа, Учуутал күнүнэн эҕэрдэ тиэрдэбин! Эһиги олоҕум суолун сөпкө туһаайбыккытыгар муҥура суох махтанабын!
Татьяна Легантьева, Саха драмтеатрын артыыһа: “Оҕо бастакы учууталыгар маарынныыр буолар”.
— Бастакы учууталбын Прасковья Афанасьевна Мачаеваны Учуутал күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Таптыыбын, сыллыыбын, ууруубун! Мин Ленскэй Чамча диэн кыра дэриэбинэтиттэн төрүттээхпин-уустаахпын. Онно аймахтарым элбэхтэр. Прасковья Петровна эмиэ олох чугас аймаҕым буолар. Ол иһин кыра эрдэхпиттэн кинини “тетя Пана” дии үөрэнэн хаалбыппын. Оскуолаҕа киирэн баран, “тетя Пана” диэммин, хаста да сэмэ ылан турардаахпын. Оҕо бастакы учууталыгар маарынныыр буолар дииллэр. Оннук буолуон да сөп. Прасковья Афанасьевна наһаа көрдөөх-күлүүлээх, элбэх кэпсээннээх буолара. Ол да иһин биһиги, кылааһынньыктар, бары “күндү күлүүктэрбит”, саҥаран баран кэлээр диэбит курдук дьоннорбут. Тапталлаах учууталым— СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара», Ленскэй улууһун тумус туттар киһитэ! Эҕэрдэбин тиэрдэбин, доруобай, дьоллоох буол!
Jeedda (Егор Васильев), саха-реп хайысханы төрүттээччи, поэт, музыкант, “Jeedda- production” продюсерскай киин салайааччыта, “Нова” хампаанньа генеральнай дириэктэрэ: “Учуутал—сарсыҥҥыны, кэскили тутуһааччы”.
— Күндү учууталларга, уһуйааччыларга бу кэрэ-бэлиэ күнүнэн эҕэрдэбин тиэрдэбин! Учууталлар биһиги сарсыҥҥыбытын тутуһааччылар буолаллар, онон кинилэргэ махталбыт, эрэлбит муҥура суох! Оскуолаҕа үөрэммит сылларбын олус күндүтүк саныыбын. Оҕо эрдэхпиттэн элбэхтэ айанныыр буолан, үөрэхпин көтүтэрим аҕыйаҕа суоҕа. Ол эрээри учууталларым көмөлөрүнэн барытын кэмигэр ситиһэрим. Хас даҕаны биридимиэккэ, холобур, устуоруйаҕа, бэйэм туспа бырагырааманан үөрэммитим. Ол барыта эппиэтинэстээх буоларга уонна бириэмэни сөпкө аттарарга үөрэппитэ. Учуутал өйөбүлэ оҕону үрдүккэ кынаттыыр, бэйэтигэр эрэли үөскэтэр сүдү күүстээх. Майатааҕы гуманитарнай оскуолаҕа үөрэммит кэмнэрбин умнуом суоҕа, учууталларбар махталым уостуо суоҕа!
“Оҕолорум тоҥмотуннар” диэн дьиэтигэр үөрэтэрэ
Анна Егорова (Николь), «Саха» НКИК телевидение ыытааччыта, диктор, “UNION party” агентство генеральнай дириэктэрэ:
—Учуутал киһи бэйэтин олоҕор ситиһиилээх, бигэ тирэхтээх буоларыгар ийэ, аҕа кэнниттэн саамай суолталаах киһи буолар. Билиилэрин, олоххо көрүүлэрин, сырдык санааларын, сүрэхтэрин сылааһын анаабыт күндү дьоммор, учууталларбар, махталым муҥура суох. Учуутал үөрэнээччигэ хайдахтаах күндүтүн, оруола улаханын оҕо сылдьан соччо сыаналаабаккын. Онтон олох киэҥ аартыгар үктэнэн, төрөөбүт сиргиттэн-уоккуттан көччөх буолан көттөххүнэ, кинилэр тыллара-өстөрө, муударай сүбэлэрэ туохтааҕар да күндүркэйэр, суолтата дириҥээн иһэр эбит. Учуутал күнүгэр эҕэрдэ тылым итиитин, баҕа санаам бастыҥын миигин уһуйбут маҥнайгы учууталбар Дмитрий Коркин аатын сүгэр Чурапчытааҕы спортивнай оскуолаҕа наука уонна эксперимент үлэтин салайар Анна Николаевна Гуляеваҕа аныам этэ. Анна Николаевна хас биирдии үөрэппит оҕотугар төрөппүт ийэ курдук сылаас сыһыаннаах. Наһаа өйдүүбүн — биһигини сайыннараары, киэҥ билиилээх дьон гына иитэн таһаараары, кини биир бастакынан Эльконин-Давыдов ураты бырагырааматын киллэрбитэ. Биһиги эрэ саха остуоруйаларын тиэмэтинэн киэргэтиллибит уруһуйдаах ураты гына оҥоһуллубут кылаастаах этибит. Оҕолор паартаҕа иккилии буолбакка, бөлөҕүнэн арахсан олорон үөрэнэрбит эмиэ барыларыттан ураты этэ. «Мин – учууталбын, эһиги — оҕолоргут»диэн намтаппакка, өрүү тэҥнээхтэрин курдук бодоруһара, санаабытын истэрэ, эппиппитин болҕомтоҕо ылара. Күһүн, итиини биэрэ илик кэмҥэ, “оҕолорум тоҥмотуннар” диэн бэйэтин дьиэтигэр үөрэтэрэ билигин саныырга наһаа күндү, истиҥ сыһыан туоһутунан буолар. Орто, үрдүкү кылаастарга Данил Барашков аатынан Чурапчы Бахсытын оскуолатыгар үөрэммитим. Сахам тылыгар тапталы, олоххо философскай көрүүнү иҥэрбит учууталбар Жанна Федоровна Барашковаҕа идэлээх бырааһынньыгынан эмиэ истиҥ тылларбын аныыбын! Кини олоххо үөскүүр араас уустуктардаах даҕаны, оҕоҕо өйдөммөт даҕаны түгэннэри, көстүүлэри олус тиийимтиэтик уонна муударайдык быһаарар ураты дьоҕурдааҕа. Өссө биир күндү уһуйааччым — ангылычаан тылын учуутала Ньургустаана Александровна Андреева. Үөрэҕин саҥа бүтэрбит эдэркээн кыыс үлэлии кэлэн, тута «эн-мин» дэсиһэн бодоруспуппут, биир да сынньалаҥы, өрөбүлү билбэккэ, ардыгар түүннэри даҕаны оскуолаҕа хаалан омук тылын үөрэппиппит. Соһуччу баҕайы оскуолабыт омук тылын күрэхтэригэр, олимпиадаларга бастакы миэстэттэн түспэт буолбута. Оскуоланы бүтэрэрбэр ангылычаан тылыгар биир кэлим эксээмэни туттарбытым. Кэлин үлэлии сылдьан, омук сириттэн кэлбит артыыстарга, музыканнарга, аатырбыт дирижердарга тылбаасчыттыыр этим. Онон ангылычаанныы көҥүл этэрбэр-тыынарбар күндү учууталбар барҕа махтал!
Ааптар: keskil14.ru