Сылгыны иитии — сахалар төрүт дьарыкпыт. Дьөһөгөй оҕотун миинэр миҥэ оҥостон, тириититтэн таҥас, этин идэһэ оҥостон, биэ үүтүттэн кымыс өрөн, өбүгэлэрбит аҕыс ыйдаах томороон тымныыны, сайыҥҥы уот курааны, күһүҥҥү, сааскы дьыбардары туораан кэллэхтэрэ.
Сэтинньи — идэһэ кэмэ. Бу кэми биһиги, сахалар, бырааһынньык кэриэтэ кэтэһэбит. Субуота күн «Дьөһөгөй — Сир эдэр хаһаайыннара» бырайыак кыттыылаахтара уолаттар учууталларбытын Наталья Семеновна Кузьминаны, Сахаяна Юдовна Кожурованы, Надежда Валерьевна Пахомованы уонна М.А. Ноговицын аатынан култуура киинин үлэһиттэрин кытта «Болугур» ТХПК сылгы базатыгар баран идэһэ астааһынын көрдүбүт.
Биһиэхэ учууталларбыт идэһэ астааһыныгар туттуллар сиэри-туому кэпсээтилэр, билиһиннэрдилэр. Идэһэ астааһыныгар ытыктабыллаахтык сыһыаннаһан, сиэрин-туомун тутуһуу хайаан да наадатын биллибит.
Мирон Кузьмин, Е.Е. Пахомов аатынан Болугур орто оскуолатын 8 «А» кылааһын үөрэнээччитэ, Амма улууһа