Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгэр бүгүн үөрүүлээх күн. Спорт бырааһынньыга. Улууспут нэһилиэктэриттэн чулуу, сымса спортсмен оҕолор мустан күөн көрүстүлэр.
Көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, Саха сирин физкультуратын уонна спордун үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна, Саха сирин уерэҕэриитин бочуоттаах бэтэрээнэ, РФ спорт ветерана, саха омугу албан ааттаппыт, суон сураҕыппыт айылҕаттан айдарыылаах тренер Коркин Д.П. иитиллээччитэ, тустуу, хапсаҕай, дзюдо, самбо курдук көрүҥнэргэ ураты чаҕылхай суолу-ииһи бастакынан тэлбит, кыайыыны аҕалбыт Кычкин Николай Николаевич бирииһигэр хапсаҕайга улуус чемпионата биһиги нэһилиэкпитигэр ыытылынна.
Игидэй нэһилиэгин аҕа баһылыга Марков Егор Алексеевич кэлбит ыалдьыттары, күрэхтэһээччилэри нэһилиэк олохтоохторун ааттарыттан үүммүт үтүө күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Биһиги биир дойдулаахпыт, спорт ветерана Николай Николаевич Кычкин 75 сааһын бэлиэтээн, үбүлүөйдээх тэрээһин буоларын, улуустааҕы хапсаҕайга турнира кини аатыгар ыытылларын туһунан бэлиэтээн эттэ. Оҕолорбут хас эмит күрэхтэһиилэргэ кыттан маастарыстыбалара тупсубута буолуо диэн баҕа санаатын этэн туран Николай Николаевичка нэһилиэк дьаһалтатын, олохтоохторун аатыттан эҕэрдэтин эттэ.
Кычкин Николай Николаевич, тохсунньу 9 күнүгэр 1947 с. Саха АССР Алексеевскай оройуонун Игидэй (Дьиэрэҥнээх) нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ийэтэ Васильева Мария Ивановна 2 саастааҕар ыалдьан өлбүт. Аҕата Николай Хрисанфович Кычкин 3 оҕолоох тулаайах хаалбыт. Бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Зоя 1942 сыллаахха, убайа Хрисанф 1945 сыллаахха төрөөбүттэр. Аҕата нэһилиэккэ биллэр кэпсээнньит, олоҥхоһут эбит. Оҕо сааһа Кулаадаҕа ааспыт.
Э.К. Пекарскай аатынан Игидэйдээҕи аҕыс кылаастаах оскуолаҕа, интэрнээккэ олорон 8 кылааһы 1966 сыллаахха бүтэрбитэ.
Игидэй оскуолатыгар спорду, үөрэҕи таба дьүөрэлээн сылдьарга уһуйуллубут. Оччолорго утумнаах үлэлэр ыытыллалларын түмүгэр, оскуола, оройуон күрэхтэһиилэригэр миэстэлэһэн, кыайыы үрдүк чыпчаалларыгар дабайыы саҕаламмыт. Киһи быһыытынан сайдыытыгар, билии -көрүү, өй — санаа өттүгэр улахан оруоллаах учууталларынан Нестеров Петр Георгиевич , Пахомов Иван Николаевич , Андросов Андрей Васильевич , Габышева Надежда Федоровна о.д.а. буолаллар. 8 кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, Надежда Федоровна сахалыы кинигэлэри аҕалан аахтара биэрэрин истиҥник саныыр. Саха литературатын классикатынан буолбут «Сааскы кэм», «Көмүстээх үрүйэ», «Оҕо куйуурдуу турара», «Төлкө» курдук айымньылар спорт суолун тэлэр киһиэхэҕэ күүскэ күүһү эбэр, булгуруйбат эрчим санааны саҕар күүстээх айымньылар буолалларын билбит. Онтон ыла кинигэлэри сөбүлээн ааҕара, үөрэнэр, киһи буолар кэмигэр күүс — көмө буолбуттара.
«Биһиги аҕабыт Кулаадаҕа, балтыгар Чьямова (Саввина) Дарья Титовнаҕа, дьукаах биһигини илдьэ олорбута, ийэбит өлбүтүн кэннэ ону таһынан кыыһа Винокурова (Чьямова) Елена Константиновна икки уолунаан Валералыын уонна Гришалыын бааллара. Сайынын кыра эрдэхпиттэн Кулаада, Дьиэрэннээх, Хоту Лыппа алаастарынан, үрэхтэринэн, отчуттар биригээдэлэригэр киэһээтин үс туман түһүөр диэри үлэлиирбит. Сарсыарда эрдэ ат хомуттара ыыталлара. Биир сайын холкуос бэрэссэдээтэлэ Семен Гаврильевич Жирков: «Үчүгэйдик оттоотугут» диэн киирсэбэй саппыкынан бириэмийэлээн турар. Ахсыс кылааһы бүтэрээт, тустуунан салгыы дьарыктанар баҕаттан, Чурапчы спортивнай оскуолатыгар үөрэнэ барбытым. Саха омугу албан ааттаппыт, суон сурахтаппыт айылҕаттан айдарыылаах тренер Д.П. Коркин оскуолата аан дойдуга биллибитэ.
1968 сыллаахха Уус-Таатта орто оскуолатыгар физкультура учууталынан анаммыта. Онтон Сэбиэскэй Армия кэккэтигэр сулууспалаабыта. Дембеллэнээри сылдьан биир киэһэ остуолга Советскай Союз картатын ууран баран, хараҕын симэн олорон “ханна барабын” диэн боппуруоска уруучуканан картаҕа точка туруорбут. Көрбүтэ Фрунзе куоракка түбэспит. Дембеллэнэн баран поеһынан Фрунзе куоракка айаннаабыт. Уһун синньигэс айан кэнниттэн Киргизскэй ССР киин куоратыгар тиийэн кэлбит.
Υчүгэйдик үлэлии сырыттаҕына аҕата ыалдьан дойдутугар төннөн кэлбит. Казахскай ССР Павлодар куорат пединститутун физкультурнай отделениетын студена буолбута. Бастакы сүрэхтэниитэ 1972 с. алтынньы ыйга буолбута. Казахскай ССР үрдүкү спортивнай оскуолатын бастыыр иһин күрэхтэһиитигэр 74 кг. тустан үһүс бириистээх миэстэҕэ тиксибитэ. Советскай Союз Геройа Нуркен Абдиров бирииһигэр Карагандаҕа ыытыллыбыт Бүтүн Союзтааҕы турнирга тустан үһүс бириистээх миэстэҕэ тиксэн Советскай Союз спордун маастара буолбута. 1974 с. Казахстан тыатын сирин 2-с оонньууларыгар Казахстан «Кайрат» ДСО КС кубогар иккис миэстэҕэ тиксибитэ. Самбоҕа уонна дзюдоҕа эмиэ дьарыктаммыта. 1977 с. самбоҕа 66 кг. «Кайрат» ДСО күрэхтэһиитигэр 2-с миэстэ, дзюдоҕа 65 кг. Казахстан чемпионатыгар – 3-с миэстэ, дзюдоҕа «Еибек» ДСО КС 4-с сайыҥҥы спартакиадатыгар Казахстан тыатын сирин 3-с оонньууларыгар 3-с миэстэни ылан маастарга кандидат буолбута. 1975 сыллаахха Павлодардааҕы пединституту бүтэрэн Красноармейскайдааҕы тыа хааһаайыстыбатын техникумугар физкультураҕа преподавателинэн ыыппыттара.
1974 с. Өймөкөөнтөн төрүттээх Кривошапкина Агафья Тарасовнаны көрсөн, таптаһан ыал буолбуттара.
1979 с. Саха сиригэр Ытык Күөлгэ көһөн кэлбиттэрэ. Күһүнүгэр Туяра, онтон 1985 сыллаахха Коля диэн оҕолоро күн сирин көрбүттэрэ. Аҕа буолар дьолун билбитэ.
Υлэтигэр оройуоннааҕы спорткомитет бэрэсэдээтэлинэн анаабыттара. 1982 сылтан 1996 сылга диэри оройуоннааҕы оҕо хоһун инспекторынан, быткомбинат главнай инженерынан, оройуоннааҕы сибээс тэрилтэтигэр, Сахателеком филиалыгар салайааччынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Билигин Республикатааҕы специальнай (коррекционнай) оскуола-интернакка физкультура учууталынан үлэлии-хамсыы, олох үөһүгэр иллэҥэ суох сылдьар. Эдэр ыччакка тус олоҕунан спорду пропагандалааччы, көҕүлээччи, элбэх киһи ааҕан сиппэт үгүс ситиһиилэрдээх спортсмент- оҕолордоох.
Ити курдук, бүгүҥҥү күн ким аатыгар тэриллэрин этэн туран, тыл этии Таатта улууһун Аҕа баһылыгар М. М. Соровка бэриллэр: “Υтүө күнүнэн Игидэй нэһилиэгин олохтоохторо, спорду сэҥээрээччилэр, хапсаҕайы сөбүлээччилэр, күрэхтэһээччилэр. Таатта улууһун биир чулуу уола, саха норуотун биир ытык киһитэ мин аттыбар турар. Бүтүн Сэбиэскэй Союз, уруккунан 15 судаарыстыба билинэр спордун маастара Николай Николаевич Кычкин курдук буоларга эһиги ыччаттар дьулуһуохтааххыт. Николай Николаевич Кычкин, Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Илларион Федосеев курдук дьону кытта тэҥҥэ үүммүт, тустубут киһи. Кинилэр курдук туста үөрэниэхтээххит. Υгүс күрэхтэһиилэргэ кыттаҥҥыт үүнүҥ-сайдыҥ.
Игидэй нэһилиэгэр спорду пропагандалааччылар ордук Бойтунова Альбина Васильевна, Никифоров Константин Петрович, Ефимова Варвара Константиновна, Марков Егор Алексеевич курдук дьоннор баар буоланнар маннык тэрээһиннэр буолаллар”,- диэн тыл эттэ уонна Кычкин Николай Николаевичка үрүҥ көмүһүнэн кутуллан оҥоһуллубут улууспут үрдүкү бэлиэтин “Таатта улууһугар спорт эйгэтигэр өҥөлөрүн иһин” диэн түөскэ кэтиллэр бэлиэнэн наҕараадалаата.
Салгыы Таатта улууһун спорткомитетын начальнига Сабарайкин Ньургун Михайлович, улуустааҕы үөрэх салаатын начальнигын солбуйааччы Дягилев Иннокентий Иннокентьевич, Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын директора Бойтунова Альбина Васильевна тыл эттилэр, үбүлүөйдээх ытыктыыр киһибитигэр бэлэхтэрин туттардылар, күрэхтэһээччилэргэ үтүө баҕа санааларын эттилэр. “Николай Николаевич үс улахан ситиһиилэрдээх: кини көҥүл тустууга спорт маастара, дзюдоҕа уонна самбоҕа спорт маастарыгар хандьыдаат. Υс көрүҥҥэ ситиһиилэрдээх чулуу киһилээх эбиппит биһиги Игидэй нэһилиэгин олохтоохторо. Биһиги Дэбдиргэбитигэр спорт эйгэтигэр улахан ситиһиилээх киһибитин чиэстээн бу күрэхтэһиини тэрийдибит”, — диэн эттэ Альбина Васильевна.
Күрэхтэһии 12 ыйааһынынан буолла. Барыта 78 оҕо кэлэн күрэхтэстэ. Дэбдиргэттэн 14 оҕо кытынна. Дьохсоҕонтон, Туора-Күөлтэн, Баайаҕаттан, Ытык Күөлтэн уонна Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэгиттэн элбэх оҕо кэлэн кытынна. Бастакынан көбүөргэ 28 кг. ыйааһыннаах уолаттар таҕыстылар Максимов Давид /Игидэй/ уонна Сметанин Сергей /Баайаҕа/. Түргэн туттуулаах Сергей уол ыраас кыайыыны ситиһэр.
Тыҥааһыннаах киирсиилэр кэннилэриттэн түмүк маннык буолан таҕыста:
2012 сыл төрүөх уонна кыралар:
28 кг. 6 кыттааччы:
- Хартек Ай-Хаан /Баайаҕа
- Михайлов Саша/ ЫК
- Афанасьев Саша/ Дэбдиргэ
30 кг. 5 кыттааччы: - Постников Айгылаан /Дэбдиргэ
- Васильев Айсен /ТК
- Шадрин Данил /ЫК
32 кг. 3 кыттааччы: - Гуляев Арсен /ЫК
- Яковлев Ярик / ЫК
- Алексеев Илья / Дьохсоҕон
35 кг. 3 кыттааччы: - Максимов Саша / Дэбдиргэ
- Бабанов Толя /Харбалаах
- Дягилев Айтал /ЫК
40 кг. 8 кыттааччы: - Сыроватский Айтал /Дэбдиргэ
- Прохоров Максим /ЫК
- Романов Рома /Баайаҕа
2009-2011 сыллаах төрүөхтэр:
35 кг. 12 кыттааччы: - Рахлеев Ярик / Дьохсоҕон
- Хатылаев Дьулуур / Дьохсоҕон
- Хатылаев Дьулус /Дьохсоҕон
40 кг. 9 кыттааччы: - Неустроев Дима /Баайаҕа
- Аввакумов Дьулус / Чөркөөх
- Дмитриев Ярик / Дьохсоҕон
45 кг. 11 кыттааччы: - Новиков Семен /Дьохсоҕон
- Захаров Сергей /Дьохсоҕон
- Аввакумов Тимур /Дьохсоҕон
45 кг. үөһэ. 11 кыттааччы: - Андросов Саша /ЫК
- Аввакумов Айдын /Чөркөөх
- Иванов Валера /Дэбдиргэ
Чаҕылыҥныы күлүмнэс күүрүүлээх түгэннэр буолуталаан ыллылар. Көрөөччүлэр да дуоһуйа астыннылар. Дьохсоҕон оҕолоро эбиллибиттэрин, улууска эдэр бөҕөстөрү кытта үлэлэһэр хайысха сөптөөхтүк баран эрэрин көрөн үөрдүбүт.
Борисов Айтал, Чөркөөх оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ: “Биһиги 7 буолан кэллибит. Тренербит Вячеслав Иванович Аввакумов илдьэ кэллэ. Бэйэбит тренербит Олег Викторович Попов Украинаҕа СВОҕа барбыта. Бастаан тренерим барбытыгар наһаа суохтаабытым. Онтон Вячеслав Иванович салайан хапсаҕайга, тустууга дьарыктана диэн барбытым. Мин мас тардыһыыга дьиҥэ күрэхтэһэр этим. Бу кэнники хапсаҕайынан дьарыктанан эрэбин. КСК-бытыгар тустуунан, хапсаҕайынан дьарыктанабыт”, — диэн кэпсээтэ.
“Бүгүҥҥү күрэхтэһиини тэрийбит дьоммор Таатта улууһун аҕа баһылыгар Соров М.М., спорткомитеттарбар, Игидэй нэһилиэгин баһылыгар Марков Е.А., олохтоох оскуола директорыгар Бойтунова А.В. уонна бары көмөлөспүт, өйөөбүт дьоммор махталбын тириэрдэбин. Мин ааппар ыытыллыбыт бастакы турнир буолар. Күрэхтэһиилэргэ ким бэлэмнээх, дьулуурдаах кыайа турдун. Маннык оскуолаҕытын, төрөөбүт дойдугутун ааттатыҥ диэн алгыыбын!”- диэтэ спорт ветерана, ытыктыыр, холобур оҥостор киһибит Кычкин Николай Николаевич.
Күрэхтэһии олус үчүгэйдик ааста. Ѳрүүтүн маннык үчүгэй тэрээһиннэр буола турдуннар.
Попова Гизелла Софроновна ,
Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын педагог-библиотекара.