Алта сыллааҕыта Саха сиригэр биир улахан тэрээһиҥҥэ Кыргыстаантан манасчы кэлэн барбыттааҕа. Кини манасчы буолар киһини үөһээҥҥилэр эрдэттэн талалларын, түүлүгэр киирэллэрин, ыллыырыгар хараҕар барытын киинэ курдук көрөрүн кэпсээбиттээх. “Хомусист-виртуоз мира” диэн бэлиэ ааты сүкпүт тоҕус бастыҥ хомусчуттартан биирдэстэрэ Кутманаалы Султанбеков оҕо сылдьан дьикти, өйгө-сүрэххэ хатанар иччилээх түүлү түһээбитин олох умнубат:
— Оччолорго үһүс кылааска үөрэнэр оҕо этим. Арай, аттаах, дьаралыктаах дьон бөҕө илиилэрин күөрэччи уунан ааҕай, миигин сэлэлээн турунан кэбиспиттэрэ. Онтон аллараа диэки көрбүтүм, аны саалаах-садахтаах дьон биир кэм далбаатаһыы бөҕө. Ону ийэлээх-аҕабар кэпсээбиппэр, “арааһа, эн манасчылары көрбүккүн”, диэбиттэрэ. Уонна ити түгэн итинэн хаалбыта. Манаһы умсугуйан ааҕарым эрээри, дьонум миигин тоҕо эрэ манасчылары кытары эҥин көрүһүннэрбэтэхтэрэ. Манасчы диэн — сэдэхтик бэриллэр үрдүк анал. Киһи аайы итинник дьоҕур бэриллибэт. Кини арыгыны да испэт, табаҕы да тарпат Таҥара курдук сырдык киһи. Биһиэхэ манасчы суолтата олус үрдүк. . Ол эрээри, мин оҕотук сааспыттан “темир ооз комуз” уонна “жыгач ооз комуз” диэн арахсыбат аргыстардаахпын. Атын да төрүт үнүстүрүмүөннэрбитигэр оонньуубун. Тимир хомуспун Бакыт Наржигитов диэн Кыргыстааҥҥа киэҥник биллэр уус оҥорбута.
“Муусуканы—барыбытыгар бырайыагы” санатта
Кэпсиирин быыһыгар хомусчут Кутманаалы Султанбеков киэн туттан, 700 оҕо тэҥинэн кыргыыс үнүстүрүмүөннэригэр оонньуу олорор видеоларын көрдөрдө. Ити маннык эбит: 2000 оҕо үөрэнэр оскуолатыгар кини үөрэтэр эбит уонна 700 буолан, бары күргүөмүнэн, биир киһи курдук, төрүт үнүстүрүмүөннэргэ оонньууллар да оонньууллар. Нуотанан. Хайдах эрэ, бастакы Президент биһиэхэ төрүттээбит “Муусуканы—барыбытыгар” бырайыагын ханан эрэ санатта. “Оҕолор, ыччаттар дириҥ суолтата суох попса, ол-бу чэпчэки муусукаҕа олус умньамматыннар, уйдарбатыннар диэн, төрүт эйгэбитин итинник тэринэбит”, диир. Кутманаалы өссө университекка фольклор салаатыгар кыргыыс норуотун үнүстүрүмүөннэригэр устудьуоннары үөрэтэр. Муус устар 25 күнүгэр — бүтүн Кыргыстаан үрдүнэн төрүт муусука күнэ бэлиэтэнэр эбит.
“Чингиз Айтматов—бастыҥ суруйааччыбыт”
— Чингиз Айтматовтан саамай ордороро айымньым—“Белый пароход”. “Манкурт” диэн кимин, төрдө, төбөтө суох маргинал буоларын айымньытыгар күүскэ көрдөрбүтэ. Эн ийэ тылгын, төрүт үгэскин билбэт буоллаххына, “манкуртуур” суолга үктэммиккин диэн. Манкурт буолбат туһугар хас биирдиибит кыһаллыах тустаах. Ол иһин холобур, бэйэбит хайысхабытынан төрүт үгэһи сөргүтүүгэ күүскэ үлэлиибит.
“Тоҕус сыыппара — дьолуом, араҥаччым курдук”
— Дьиктитэ диэн баар — миэхэ тоҕус сыыппара дьолуом, араҥаччым курдук. Бэс ыйын 9 күнүгэр тапталлаах кыыһым күн сирин көрбүтэ. Саха сиригэр кэлэн, бу улахан күөн күрэскэ тохсус нүөмэрдээх билиэти тардан ылан, тохсус киһинэн кытынным, тоҕус бастыҥ иһигэр киирэн, “Хомусист-виртуоз мира” аатын сүктүм! Тоҕус — миигин арыаллыыр!
ххх
Кыайыылаах 9 бастыҥ хомусчукка үрүҥ көмүстэн кутуллубут мэтээл, хас биирдиилэригэр 50 тыһыынча солкуобай бириэмийэ ананна.
Жанна Леонтьева.
Ааптар түһэриилэрэ, устуута.