Сэтинньи күһүҥҥү үһүс ый. Бу ый аата сэттэ сыыппараны кытта ситимнээх. Сэттэ сыыппара киһи билэр-көрөр уорганнара. Харах, кулгаах, айах, мурун. Барыта сэттэ үүт-хайаҕас. Сэтинньини өссө күһүөрү кыһын дииллэр. Күнүскүтэ – күһүн, киэһэтэ, түүҥҥүтэ, сарсыардата – кыһын. Бу ыйга буор дөйө тоҥор. Айан суола турар. Бу ыйга ас-үөл дэлэйэр: идэһэ, муҥха балыга, булт ас. Орто дойдуга сэтинньигэ Байанай суолтата улахан.
Байанай – сэтинньи иччитэ. Кини хара тыа харамайын, көтөрүн-сүүрэрин араҥаччылыыр. Уруута-аймаҕа үгүс.
Һук, Һук, Һук!
Дьолуону тосхойооччу
Баай Байанай эһэм,
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Дом.
Аньыылаах-харалаах, кирдээх-дьайдаах киһиэхэ булду тосхойбот. Тоҕо диэтэххэ, кыылга-сүөлгэ, көтөргө-сүүрэргэ өлбүт киһи тыына, дууһата баар. Кыылы-сүөлү, көтөрү-сүүрэри харыстаабат буолуу сэттээх. Ол аата иэстэбиллээх. Куһаҕан барыта ааҕылла сылдьар.
Ойуута: оноҕос.
Айыы санааҕа оноҕос Байанай ыйар -кэрдэр бэлиэтэ.
Сүрүннүүр тыла: Һук. Айыы санааҕа һук диэн соһутуу бэлиэтэ. Бу куттааһын буолбатах. Соһуйууттан сэргэхсийии үөскүүр.