Тина Иванова, V кылаас:
Биһиэхэ тымныы кыһын,
Итии дойдуга сайын.
Дьүһүммүт эмиэ араас,
Саҥабыт эмиэ атын.
Ол эрээри бука бары
Эйэлээхтик олоруохха.
Иирсибэккэ, иллээхтик
Бары бииргэ буолуохха!
Настя Павлова, III кылаас:
Биһиги күүспүт —
Сомоҕолоһуу,
Эйэлээх олох мэктиэтэ!
Биһиги күүспүт —
Доҕордоһуу,
Иллээх олох бэлиэтэ.
Атын, туспа диэбэккэ
Бары бииргэ буолуохха!
Атын, туспа диэбэккэ
Бары дьоллоох буолуохха!
Максим Сивцев, IV кылаас:
Аан дойду үрдүнэн
Араас омук
Олорор.
Кинилэр бары иллээхтэр,
Биир дьиэ кэргэн
Курдуктар
Вера Борисова, V кылаас:
Россияҕа омуктар
Элбэхтэр,
Иллээхтик олорор
Эбиттэр.
Доҕордуу буоллахха —
Ким да кыайбат.
Бары бииргэ буоллахха —
Ким да хоппот.
Леня Егоров, VII кылаас:
Аҕа дойду сэриитин
Эһэлэрбит кыайбыттара,
Элбэх омук холбоһон
Фашистары хоппуттара.
Ол аата норуот күүһэ —
Доҕордоһуу.
Ол аата норуот кыаҕа —
Сомоҕолоһуу.
Артем Борисов, VII кылаас:
Киэҥ Эбэлээх,
Күөх алаастаах,
Бу мин Тыымпым,
Мин дойдум.
Сыһыылардаах, хайалардаах,
Сахам сирэ —
Мин дойдум.
Москва, Сочи куораттардаах
Дойдум миэнэ —
Россия.
Улахан да дойдулаахпын,
Олус элбэх доҕордоохпун!
Кеша Боронов, VI кылаас:
Саха, нуучча, эбэҥки,
Белорус, казах буоламмыт,
Эн-мин дэһэммит
Доҕордуу буолар эбиппит!
Каролина Васильева, III кылаас:
Оскуолаҕа, кылааска
Доҕотторум элбэхтэр.
Бары бииргэ сылдьабыт,
Бары бииргэ оонньуубут.
Эльвира Николаева, VI кылаас:
—Биһиги казах омуктары кытта тас дьүhүммүтүнэн эрэ буолбакка, тылбыт эмиэ олус майгынныыр эбит диэн соһуйа көрдүм. Холобур: нууччалыы <лошадь> диэн тыл казахтыы да, сахалыы да «ат» диэн эбит. Казахтар уонна сахалар биэ үүтүттэн оҥоһуллар утаҕы иһэбит, казахтыы «кумыз», сахалыы «кымыс» диэн.
Аны ахсаан ааҕар тылбытын көрүөххэ. Биир-бир, икки-еки, үс-үм, түөрт-төрт, биэс-бес, алта-алты, сэттэ-жети, аҕыс-сегиз, тоҕус-тогыз, уон-он, сүүс-жуз.
Казахтар сахалар ыһыахпыт курдук сайыны көрсөр национальнай Наурыз диэн бырааһынньыктаахтар. Биһиги курдук бэйэлэрин таҥастарын кэтэллэр, кымыс иһэллэр, ат сүүрдүүтэ буолар.
Онон, казахтар уонна сахалар уруулуу омуктар эбиппит дии санаатым.