– Бастатан туран, оскуолабыт туһунан кэпсиэххит дуо?
– Үтүө күнүнэн, И.Г. Тимофеев аатынан Майатааҕы лицей 250 үөрэнээччилээх. Манна Мэнэ Хаҥалас 20-тэн тахса нэһилиэгиттэн мустан биһиэхэ үөрэнэллэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ лицейга интернааты кытта холбоон 69 үлэһиттээхпит.
– Оскуола сүрүн сыала-соруга тугуй?
– Бастатан туран, Майатааҕы лицейгэ биһиги 5 кылаастан ылабыт. Манна конкурс быһыытынан, сылын аайы саҥаттан 5 уонна 7 кылааска үөрэнэ киирэллэр. Биһиэхэ киирбит үөрэнээччилэр сыаллаан-соруктаан оскуоланы бүтэрэн, үрдүк үөрэххэ киирэргэ, дойдуларыгар бэриниилээх уонна бэйэлэрин олохторун соруктарын чопчу өйдүүр, инникилэригэр эрэллээх, үөрэххэ уонна үлэҕэ бэлэм буоларга дьулуһар дьон иитиллэн тахсыахтаахтар.
– Үөрэх бырассыаһа уонна оҕолор иитиллиилэрэ хайдах тэрийиллэрий?
– Биһиэхэ атын оскуолаларга суох уопсай биир ураты баар, ол үөрэх режима буолар. Бастатан туран, биһиэхэ занятиелар 8:20 мүн. саҕаланаллар уонна пааранан бараллар: биир предмет иккилии уруогунан барар, нууччалыы эттэххэ, «погружение» диэн буолар. Ол аата нэдиэлэни быһа сүрүннээн биир предметтарыгар үөрэнэллэр. Бу дириҥэтэн үөрэтиигэ уонна үөрэҕи сыалланнарга-соруктанарга, индивидуальнай дьарыктарга табыгастаах диэн хас эмэ сыл устата кэтээн көрөрбүткөрдөрөр.
– Оҕолору уонна үөрэх хаачыстыбатын хайдах хонтуруоллуугутуй?
– Хонтуруол систиэмэтэ сааһыланан, тэриллэн турар. Ол курдук, хас биирдии кылааһынан оҕолор 3 триместр түмүгүнэн үөрэхтэрин хаачыстыбалара көстөр. Ону таһынан, кылаастарынан мониторинг диэн баар: хас биирдии оҕо бэйэтэ толорон иһэр уонна ситиһиилэрин уган иһэр. Ол триместр аайы түмүллэн тахсан иһэллэр. Ис хоһооно, маннык: оҕо, холобура, триместрга хайа эрэ орто буоллаҕына, мониторинг көмөтүнэн көстөн тахсар. Хайа эрэ өттүгэр өрө тахсыахтаах диэн сыал-сорук туруорунарыгар олус үчүгэй. Ол түмүгүнэн куратордары, предметник учуталлары кытта манна кэпсэтиһии буолар, уонна хас биирдии оҕонон эбии дьарыктаах буоларыгар үлэлэһии тэриллэн иһэр.
– Оскуолабыт материальнай базата хайдаҕый?
– Киэн туттан этэбит, 2020 сылтан бэттэх грантовай подержканы ылан турабыт. Ол аата элбэх интэриэһинэй проектары суруйаммыт, республиканскай граннарынан үп-харчы оҥостон олоробут. Целевой Фонд Республики Саха (Якутия) генеральнай директора Владимир Анатольевич Григорьев биһиэхэ 1 600000-лаах оборудование ыларбытыгар грант көрөн турар. Аны физико-техническай үөрэхтээһини сайыннарарбытыгар 300000-ны эмиэ биэрэн турар.
– Лицей оҕолоро научнай үлэттэн ураты социальнай, общественнай үлэлэргэ сылдьаллар дуо?
– Общественнай, волонтерскай хамсааһыннарга биһиги оҕолорбут олус эмиэ актыыбынайдык үлэлииллэр. Научнай үлэ диэн: бэйэлэрин баҕа санааларынан сайын лааҕырдарынан, кыһыҥҥы өттүгэр лабораторияларынан уонна теоретическай өттүн үөрэтиинэн дьарыктанар буоллахтарына, онон эрэ муҥурдамматтар. Спортивнай дьарыктар эмиэ бааллар, ол өттүгэр элбэх ситиһиилээх оҕолордоохпут.
Эппиэттэргит иһин улахан махтал!
Кэпсэтиини ыытта: Дьячковская Сайыына
И.Г. Тимофеев аатынан Майатааҕы лицей юнкора, X кылаас