“Күнү быһа түбүгүрэр, дьонун аһатар,
табаларын маныыр, ол быыһыгар иистэнэр.
Туох да сүрдээх элэккэй, аламаҕай,
куруук мичээрдии сылдьар, наҕыл…”.
Бу тылларынан СССР чулуу ойууһута, академик Афанасий Николаевич Осипов Муома оройуонун Улахан Чыыстай нэһилиэгин олохтооҕор, Дьоруой ийэ, Ленин уордьанынан наҕараадаламмыт үтүөкэннээх табаһыкка Дария Дмитриевна Корякинаҕа хоһуйбута. Кини табаһыттары кытта элбэхтик алтыспыт, Дария Корякина ыстаадатыгар элбэхтик ыалдьыттаабыт, бииргэ көһүспүт киһи буолар.
Лүөччүк кэпсээнэ сирдээбитэ
Афанасий Осипов Муома оройуонугар эмиэ хаста да сылдьыбыта. Муомаҕа тиийиэн иннинэ Усть-Нераҕа Ан-2 сөмөлүөт лүөччүгэ, Семен Аргунов диэн саха киһитэ Афанасийга эппит: «Эн Муомаҕа барыаҥ этэ. Онно от ыйын ортотугар араас кэрэ өҥнөөх сибэккилэр ортолоругар дьэрэкээн ойуулаах араас көстүүмнэрдээх эбээннэр ыһыахтара көрүөхтэн кэрэ буолар. Ону баран уруһуйдууруҥ буоллар». Ол кэпсээни Афанасий Николаевич өйүгэр оҥорон, хараҕар куруук көрө сылдьыбыт. Дьэ кырдьык, бастаан тиийэн баран, улаханнык сөхпүт. Лүөччүк кэпсээбит хартыыната бу илэ дьэрэлийэн турарыттан улаханнык үөрбүт. Афанасий Николаевич ол сылларыттан аҕыннаҕына, Дария Дмитриевна Корякина мэтириэтин оҥорбутун кэпсиирэ. Ити мэтириэт билигин Дьокуускай куоракка Афанасий Осипов хартыыналарын галереятыгар баар.
Афанасий Осипов Дария Корякина туһунан ахтыытыттан быһа тардан…
«Мин 1976 сыллаахха ыам ыйын 13 күнүгэр аан бастаан Муома оройуонугар Чыыстайга “Аартык” диэн ааттаах ыстаадаҕа бөртүлүөтүнэн тиийэн кэлбитим. Онтон 1977 сыл күһүнүгэр Саркычааҥҥа тиийэн, Даарыйалыын билсибитим. Кини олус истиҥ, киэҥ көҕүстээх, күүстээх санаатын, сырдык дууһатын, амарах сүрэхтээҕин кэрэхсээбитим. Кинини Муома дьоно-сэргэтэ күүскэ таптыыр, убаастыыр эбиттэрэ.
Икки сыл кэннэ, 1979 сыллаахха күһүөрү атырдьах ыйыгар, Даарыйа Дмитриевнаҕа “Буукчалкаан” ыстаадаҕа бөртөлүөтүнэн көтөн тиийбитим. Кини бөһүөлэккэ киирээри турарын көрдөһөн хаалларбытым. Уонна дьэ, Хоту дойду киэҥ нэлэмэн сиринэн бииргэ көспүппүт. Ыраах сытар ыстаадаларынан – Дарпирынан, Буурдааҕынан, Кээньэлинаҕынан, Киҥкилиҥҥэ тиийэ. Унньуктаах уһун көһүүбүт кэмигэр Киҥкилиҥҥэ Даарыйа Дмитриевна сөбүлээн олорор томтордоох этэ. Күһүҥҥү көмүс айылҕа тупсан турар кэмигэр кинини ол томторго олорорун уруһуйдаабытым».
Туундара туйгуна, үтүөкэннээх табаһыта
Дария Дмитриевна табаһыт дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт буолан, кыра эрдэҕиттэн табаһыт үлэтин үчүгэйдик билэрэ. Сайынын өҥүрүк куйааска уучаҕынан, кыһынын ахсынньы аам-даам, тохсунньу тоһуттаҕас тымныыларыттан толлубакка, уҥуора биллибэт киэҥ нэлэмэн туундара устун хорсуннук айанныыра.
Кини кэргэнинээн Егор Ивановичтыын 11 оҕону төрөтөн, көрөн-истэн, үөрэхтээн, үлэһит дьон оҥорон, атахтарыгар туруорбуттара элбэҕи кэпсиир. Оҕолор бары буһуу-таһыы хааннаах, чочуйан оҥорбут курдук үтүө-мааны дьүһүннээх, өй-санаа өттүнэн үөрэҕи-билиини ыларга айылҕаттан анатан кэлбит курдуктара.
Ийэлэрэ табатыттан чуумугар кэллэҕинэ, эмдэй-сэмдэй, улаатан эрэр оҕолоро үөрүүнэн көрсөллөрө. Кини оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн чуум үлэтигэр, аһы астыырга, иистэнэргэ үөрэтэрэ. Оҕолор бэйэ-бэйэлэригэр, ийэлэригэр-аҕаларыгар туһа дьоно буола улаатан испиттэрэ.
Дария Дмитриевна хас биирдии табатын, сирин-уотун эҥкилэ суох билэрэ, харыстыыра, ол да иһин олоҕун устатын тухары биир сиргэ ыстаадаҕа олорбута. Кини өр сыллаах, табаҕа эҥкилэ суох үтүө түмүктэрдээх үлэтэ өссө 60-с сылларга Ийэ дойду үрдүкү наҕараадатынан – Ленин уордьанынан бэлиэтэммитэ. Кэлин Дария Дмитриевна төһө даҕаны бочуоттаах сынньалаҥҥа олордор, таптыыр идэтиттэн илиитин араарбатаҕа, үөр табаларын баһылаан-көһүлээн салайа сылдьыбыта.
Үтүөкэннээх табаһыт күүстээх үлэнэн, оҕо иитиитигэр тус холобурунан, дьонугар-сэргэтигэр үйэлэргэ сүппэт албан ааты, үтүө өйдөбүлү хаалларбыта.
Екатерина Иванова.