Өлөөкө-Күөл орто оскуолатыгар бэһис төгүлүн улуустааҕы «Винокуров ааҕыылара» научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолла. Бу кэмпириэнсийэ биһиги биир дойдулаахпыт, оскуолабыт научнай салайааччыта, учуонай, саха сылгытын үөскэтиигэ элбэх сыратын ууран туран үлэлээбит Иван Винокуров аатыгар ананар. Үөрэнээччилэр биэс хайысханан чинчийэр үлэлэрин көмүскээтилэр уонна агроскилсс күрэххэ кытыннылар. Манна, кэмпириэнсийэ балаһыанньатынан, чинчийэр үлэлээхтэр эрэ кытталлар.
Чинчийэр үлэҕэ илим баайыытын ырытан, ол сатабылларыгар үөрэммит бастыҥ, интэриэһинэй үлэлээх Өлөөкө-Күөл оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Толбон Татаринов буолла. Экология, доруобуйа хайысхаҕа Өлөөкө-Күөл орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ Жанна Винокурова «Ханнык утах туһалааҕый?» диэн үлэтэ бастаата. Бу хайысхаҕа Өлөөкө-Күөл оскуолатын 9-с кылаас үөрэнээччитэ Айыына Винокурова батик ньыматынан оҥорон тикпит экосумкалара киэҥ болҕомтону тартылар. Кыраайы үөрэтэр хайысха кыайыылааҕынан Эбээх оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ Дина Оконешникова дойдутун топонимикатын чинчийбит үлэтэ буолла. Циркумполярная культура хайысха бастыҥ үлэтинэн Өлөөкө-Күөл оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Милена Ноговицына Улуу Кыайыы үбүлүөйүгэр анаан толкуйдаабыт «75 сыл — 75 аккырыыкка» бырайыага ааттанна.
Техника, технология хайысха саамай элбэх истээччини муста. Манна бииртэн биир ураты, интэриэһинэй дакылааттары иһиттибит. Ол да буоллар, бастакы миэстэ термоһы бэйэтэ оҥорбут Өлөөкө-Күөл оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитигэр Арсений Винокуровка ананна.
Агроскилсс хайысхаҕа 5-7 кылаас кыргыттара хатайдааһын ньыматынан сылгы сиэлиттэн харысхал оҥоруутугар, оттон уолаттар талахтан куруппааскы туһаҕын оҥорорго күрэхтэстилэр. 8-11 кылаас кыргыттара кус үргээтилэр уонна буһарарга анаан кырбастаан бэлэмнээтилэр, 8-11 кылаас уолаттара андаатар тириитин сүлэн, киэпкэ тиирдилэр, 10-11 кылаас уолаттара илим таҥыытыгар бастыҥнары таллылар.
Харысхал оҥорооччулартан бастыҥ оҥоһуктаах Өлөөкө-Күөл оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ Жданна Созонова, саамай үчүгэй туһахтаах Эбээх оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Артур Третьяков, кус үргээччилэргэ Өлөөкө-Күөл оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Айсулу Ноговицына, бастыҥ илим баайааччы Өлөөкө-Күөл орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Толбон Татаринов, андаатар сүлүүтүгэр Өлөөкө-Күөл оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Виталий Винокуров бастыҥ буоллулар. Бары бастаабыттарга И.Н. Винокуров бииргэ төрөөбүттэрэ харчынан бириэмийэлэрэ туттарылыннылар.
Кыттааччылар бары күрэхтэһииттэн олус астыннылар. Үгүстэр аан бастаан кус түүтүн үргээбиттэрэ, астаабыттара, андаатар сүлбүттэрэ, илим баайан билиннэ. Ол да буоллар, “сатаабаппыт” диэн иҥнэн турбакка, киирсэн испиттэрин хайҕыахха эрэ сөп. Бу ылбыт сатабыллара барыларыгар инники олоххо олус туһалаах буолара саарбаҕа суох.
Ааптар: Изабелла Ноговицына, “Эдэр кэрэспэдьиэн” пост салайааччыта. Орто Халыма.