Алтынньы 12-13 күннэригэр 6-9 кылаас үөрэнээччилэрэ 1 Дьөппөҥҥө баран кэлбиппит.
Мин одноклассницабыныын уонна 8 кылаас кыыһа буоламмыт, эпоксиднай смоланнан ожерельелары, киэргэллэри оҥорбоппут. Тус бэйэм 5 ожерельены оҥорбутум. Одноклассницам — браслеты.
Биһиги Дьөппөҥҥө сылдьыбыппытын олус сөбүлээтибит.
Аина Николаева, 6 кылаас
«Авиамоделирование» дьарыгар сылдьыбытым. Ракета оҥорорго кыттыспытым. Бастакы чааһа — голочнай оптикатель, иккис чааһа — куорпус, үһүс чааһа — экспиэрдэр этэллэринэн, юбка, төрдүс чааһа — двигательнай отсек, манна двигатель угуллар. Ракета иһигэр парашют угуллар. Ону таһынан, көтөн таһаарар систиэмэлээх, ол онно күлүүс эргитэҕин уонна кнопканы баттыыгын, оччоҕо кини көтөн тахсар.
Владимир Антонов, 8 кылаас
Бастакы күҥҥэ ноутбуктары ылан үлэлээн саҕалаабыппыт. Онно смешариктары айбыппыт. Иккис күҥҥэ улааттахпытына, «арай маннык дьиэлэниэм» диэн санаанан салайтаран, «ыра оҥостор дьиэм» оҥорон көрбүппүт, виртуальнай ачыкыны кэтэн оонньообуппут.
Түмүккэ туоһу сурук уонна «Saidyy» диэн суруктаах значок бэлэх туттарбыттара.
Лина Варламова, 8 кылаас
.