Хаҥалас улууһун Хоточчу орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Ян Матвеев 2021 сылтан ойуур баһаардара тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатыгар, чуолаан ынах үүтүгэр уонна куурусса сымыытыгар, охсуулааҕын уонна буортулааҕын чинчийэр.
Ян элбэх оҕолоох ыал улахан оҕото. Дьиэ кэргэн тутаах киһитэ буолан, хотон көрүүтүгэр кыһыннары-сайыннары илии-атах буолан көмөлөһөр. Уонна ийэтин сүбэтинэн чинчийии үлэтин ыытарга холонор. Үөрэнээччи научнай чинчийиитин эколог-настаабынньык, нуучча тылын уонна литературатын учуутала Римма Сергеевна Слепцова салайар.
Дуоспуруннаах уол чинчийбит үлэтин туһунан маннык кэпсиир:
— Бу үлэбин 2021 сылга саҕалаабытым. Ол саҕана ойуур баһаардарын кэнниттэн аан бастаан кууруссабыт сымыыттара инчэҕэй, хаҕа (скорлупата) суох тахсар буолбуттара. Ол ону дьиктиргээн, кэтээн көрөр буолбутум. Онтон олус күүстээх буруо түспүтүгэр, кууруссаларбыт сымыыттара кыччаан хаалбыттара. 70 г сымыыты ылар эбит буоллахпытына, онно биһиги 30-35 г ыйааһыннаах сымыыты ылар буолбуппут. Аны ынахпыт үүтүн сыатын эмиэ кэтээн көрбүппүт. Үүтү туттарар буолан, барытын кэтээн көрөр буолбуппут. Наһаа буруолаах кэмнэргэ ынахпыт үүтүн сыата түһэн хаалбыта. Маҥнай 4,5 % cыалаах үүтү ыыр эбит буоллахпытына, онтукпут 1% кытары тиийбитэ. Онон ойуур баһаардара, угаарнай гаас тыынар-тыыннаахха, кыылга-сүөһүгэ буортулааҕын билбитим. Быйыл сайын от, буор састаабын чинчийэр былааннаахпын.
Эдэр чинчийээччи Ян Матвеев бу күннэргэ Дьокуускай куоракка ыытылла турар «Инникигэ хардыы» научнай кэнпириэнсийэҕэ кыттан холоно сылдьар. Киниэхэ ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ!
keskil14.ru