Ийэбинэн хос эбэм Анна Петровна Филиппова диэн. Чурапчы улууһун Хадаар нэһилиэгэр 1936 сыллаахха олунньу 7 күнүгэр төрөөбүтэ. Үс кылаас үөрэхтээх да буоллар, билиигэ-көрүүгэ тардыһыыта күүстээх этэ. Кэрэ куоластаах буолан кэнсиэрдэргэ кыттара.
Хос эһэбинээн Александр Васильевичтыын 50 сыл бииргэ олорбуттара. 2007 сыллаахха ону туоһулуур уруу түһүлгэтин тэрийбиттэрэ. Бииргэ тутуспутунан, бэйэ-бэйэни харыстаһан сылдьыы дьоллоох олох туоһута буолар. Ону мин чугас дьонум олохторугар көрөбүн.
Эбэм кинигэ ааҕарын сөбүлүүрэ. Сурунааллартан үтүктэн иистэнэрэ. Кыргыттарын аныгылыы моһуоннаан таҥас тигэн, маанытык таҥыннарара.
Хос эбэбин мин кэрэ киһим диэн ааттыыбын. Кини кичэллик харайан илдьэ сылдьыбыт, туттубут малларын астына көрөбүт, ааспыт олох историятын кытта ситимниибит.
Былыргы өтүүк. Чох уган сылытар эбит. Тикпит таҥаһын барытын манан өтүүктүүрэ диэн кэпсииллэр. Кыл ситиинэн тигиллибит маллаах иһит. Хос эбэм сөбүлээн туттара. Кэлин, өйдөбүнньүк быһыытынан, ийэбэр бэриллибит. Сиэн оҕолорун сиэлтэн ынах быатын хатарга үөрэтэрэ. Чоҕунан оттуллар хос эбэм былыргы сылабаара. Сылабаарга оргуйбут чэй амтана ураты минньигэс буолар. Хос эбэм кыра уола Михаил Александрович дьиэ кэргэнэ билигин да бу сылабаары туһанар.
Үрүҥ көмүс кириэс биһиги дьиэ кэргэҥҥэ олус улахан суолталаах. «Ийэтиттэн Сөдүөччүйэттэн хаалбыт буолуон сөп», – диэн эһэм кэпсээччи. Сыаналаах мал өбүгэлэрбитин кытта ситимниир ураты күүстээх. Сиидэ, бэйэ оҥоһуга. Эбэбит хойукка диэри бурдук сиидэлииригэр сөбүлээн туттара. Томторук – тумсуга кэтэрдиллэр мэһэй, бохсуу оҥоһук. Сайын сүөһүлэр мэччийэ баралларыгар ньирэйгэ ийэтин эмпэтин диэн кэтэрдэллэр эбит.
Арианна Иовлева, VI “ Д” кылаас, 31 №-дээх оскуола, Д ьокуускай.
Худуоһунньук Алена Арсентьева
Бэчээккэ бэлэмнээтилэр Надежда Сидорова, Сардаана Матвеева