Хос эбэм Капиталина Константиновна Арылахова 1928 сыллаахха Тааттыныскай нэһилиэгэр «Социализм» колхозка, кэнники Ворошиловка холбоспут Чөччөх алааһыгар төрөөбүт. Дьиэ-кэргэннэригэр 5 оҕо этилэр.
Оччотооҕу кэмҥэ, улаатан эрэр оҕолор курдук сүөһү көрүүтүгэр, ыһыыга үлэлээбитэ. 1947 сыллаахха Ытык-Күөлгэ сиэстэрэлэр куурустарыгар үөрэммитэ, үлэлии сылдьан сэрии кыттыылааҕар Захар Васильевич Максимовтыын холбоһоннор Уус Амма нэһилиэгэр, оччотооҕу «Уодай» учаастагар көһөн кэлэн олохсуйаллар. Ыал буолан баран барыта 10 оҕону күн сирин көрдөрөллөр. Эбэбит сыанаттан түспэт ырыаһыт, үҥкүүһүт, оһуохайдьыт эбит, эһэбинээн иккиэн активист буоланнар нэһилиэк общественнай олоҕор көхтөөхтүк кытталлар эбит.
Капиталина Константиновна 1974 сыллаахха «Герой Ийэ» Албан аатын ылар. Куруук элбэх ыалдьыттаах, олус эйэҕэс майгылаах, дьон-сэргэ сөбүлүүр ыаллара этилэр диэн ахталлар. Эбэбит сурэҕинэн ыалдьан 47 саастааҕар күн сириттэн суох буолбута. Ол кэнниттэн, оһолго эһэбит суох буолан, тулаайах хаалбыт бырааттарын, балтыларын бэйэтин төрөппүт 4 оҕолорун кытта уопсайа 10 оҕону эбэм Светлана Захаровна ииппитэ.
Капиталиналаах Захар оҕолоро бары Саха сирин араас муннуктарыгар үтүө-мааны үлэһит дьон буолан олороллор.
Динара Саввина, Таатта улууһун Г.Д. Бястинов-Бэс Дьарааһын аатынан Чымынаайы орто оскуолатын юнкорра, 7 кылаас үөрэнээччитэ