Мин ийэм эбээтэ, мин хос эбэм Ульяна Алексеевна Громова, 1935 сыллаахха удьуор табаһыт ыалга төрөөбүтэ. Аҕата Алексей Александрович Громов Географическай Крест 1 степеннээх хаһаайына этэ. Ийэтэ эрдэ өлөн, кыра сааһыттан кыысчаан табаһыт дьиэ кэргэн түбүктээх олоҕун санныгар сүкпүтэ. Үйэттэн үйэҕэ, кэлүөнэттэн көлүөнэҕэ эбээн дьахталлара ас эрэ астааһынынан буолбакка, оҕо көрүүтэ, дьиэ-уот түбүгэ, таҥас тигиитэ, кинилэр баар буолан эр дьон, уһун кыһыҥҥы тымныыга, табалары эккирэтэн аҕалан, элбэх дьиэ кэргэн аһын булар түбүккэ сылдьаллара.
Дьахталлар, таба тириитин имитэн, таҥастаан, тигэн оҕолору, эр дьоннорун таҥыннараллара. Ульяна кыратыттан иистэнэргэ үөрэммитэ. Табаһыт таҥаһа барыта атаҕыттан төбөтүгэр, тиийэ таба тириитинэн тигиллибит буолар. Маны дьахталлар таба тириитин сымнаҕастык имитэн сарыы оҥорон тигэллэр. Бу барыта элбэх сыраттан, үлэттэн, тулууртан, сатабылтан тахсар.
Хос эбэм Ульяна Алексеевна 17 сааһыгар кэргэн тахсар. Кини кэргэнэ, мин хос эһэм Николай Кириллович Громов улуус биир тарбахха баттанар киһитэ. Биллэр табаһыт, кадровай булчут, чулуу үлэһит, элбэх Социалистическай үлэ куоталаһыытын ударнига, Верховнай Совет Президиум СССР Бочуотунай грамоталаах. Николай Кириллович үчүгэй кэргэн, 8 оҕо тапталлаах, амарах аҕата этэ.
Хос эбэм Ульяна Алексеевна республикаҕа биллэр, сэдэх иистиэнньэҥ буолар. Кини тикпит эбээн көстүүмнэрэ, түүлээх көбүөрдэрэ, таба киэргэллэрэ, симэхтэрэ, суумкалара сөхтөрөр, кини талаанын хайгыыллар, сөҕөллөр. Кини үлэлэрэ Париж олохтоохторун болҕомтотун таппыта. Кини сорох үлэтэ улуус, республика музейдарыгар экспонат быһыытынан тураллар. Бастыҥ иистэнньэҥ, киэҥ аймах бас-көс, киһитин элбэх Бочуотунай грамоталарынан, Махтал суруктарынан Тыа хаһаайыстыбатын министерствотыттан, аҕыйах ахсааннаах норуот ассоциациятыттан туппута. 2005 с. В.В.Штыров аатыттан Махтал сурук туппута.
Хос эбэм Ульяна Алексеевна чаҕылхай ыччаттары иитэн таһаартаабыта. Кинилэринэн Өймөкөөн улууһа киэн туттар дьоно. Мин хос эбэм Ульяна Алексеевна 8 сиэннээх, 8 хос сиэннээх.
Бары саамай, күүтэр кэммит сайын буолар. Бука бары хомуллан, сиэннэр, хос сиэннэр, аймахтар сынньалаҥнарыгар, уоппускаҕа төрөөбүт үөскээбит сирдэригэр мусталлар. Малтана биһиги төрүт уус сирбит буолар. Манна кэлэн уоту оттон, аһатан этэҥҥэ буолууну көрдөһөн, дойдубут иччилэрэ атыҥыраабакка, үөрэ-көтө көрсөллөрүн баҕараллар. Үйэттэн, көлүөнэттэн бэриллибит сиэр-туом, итэҕэл уот иччитигэр, олох араас түгэннэригэр, оҕо төрөөтөҕүнэ, таба төрүөҕэ этэҥҥэ буоллаҕына уо.д.а үөрүүлээх түгэннэргэ толоруллар. Уокка сүгүрүйүү көлүөнэттэн көлүөнэҕэ, үйэттэн үйэҕэ бэриллэ, турар.
Мин хос эбэм Ульяна Алексеевна билигин 89 сааһыгар сылдьар да буоллар, уолаттарын кытта ыстаадаҕа тэҥҥэ сылдьар, өрүү буоларын курдук астарын, таҥастарын бэрийэр түбүккэ сылдьар. Мин сайынҥы каникулбар эбээр ыстаадаҕа бараары олус көрсүһэр күммүн долгуйа күүтэбин.
Имана Громова, 1 кылааһын үөрэнээччитэ
Н.М.Заболоцкай аатын сүгэр Томтор орто оскуолата,
Өймөкөөн