Биһиги хос эбэбит Михайлова Матрена Павловна, 1921 сыллаахха Горнай улууһун Киров холкуоска «Кээрэкээн» диэн сиргэ төрөөбүтэ. Кини ийэтэ, Потапова Варвара диэн хос эбэбит, олох кыра эрдэҕинэ ыалдьан күн сириттэн күрэммит. Хос эбэбитин аҕата Михайлов Павел Андреевич (Мамай) уонна кини икки эбэтэ көрөн-харайан улаатыннарбыттар.
1940 сыллааахха Дьяконов Роман Михайловичка кэргэн тахсан Тонуулаахха (Кэптин сиригэр) барбыт. Онтон сэрии буолан аҕата Кээрэкээҥҥэ аҕалбыт. Сэрии кэмигэр суол солооһунугар Шадрина (Михайлова) Мария, Винокурова Вера уонна даатыттар буолан үлэлээбиттэр. Ону тэҥэ, доярканан, субай сүөһу бостуугунан, аҕыйах кэмҥэ биригэдьииринэн үлэлээбит.
Онтон 1949 сыллаахха Кубаров Терентий Дмитриевичтыын ыал буолбуттар. Терентий булчутунан, холкуос араас үлэтигэр үлэлээбит. Биһиги хос эбээбит, Матрена Павловна, доярканан, ньирэй көрөөччүнэн үлэлээбит. Кини 6 оҕолоох: 1945 сыллаах төрүөх Михайлов Егор Романович, 1947 сыллаах төрүөх эбээбит Жиркова Агафья Романовна. 1953 сыллаах төрүөх Кубаров Георгий Терентьевич, 1957 сыллаах төрүөх Кубаров Терентий Терентьевич, 1959 сыллаах төрүөх Трофимова Анастасия Терентьевна, 1960 сыллаах төрүөх Диодорова Варвара Терентьевна.
Эдьиийим Варя кэпсииринэн, хос эбээбит кыра эрдэҕиттэн, 7 саастааҕар ийэтэ ыалдьан суох буолбутун кэннэ, аҕатын батыһа сылдьан туох баар күүстээх үлэҕэ барытыгар үлэлии үөрэммит. Бултка барытыгар сылдьыһар, куобаҕы туһахтаан өлөрдөхтөрүнэ сүгэн аҕалар эбит. Мас кытаанах үлэтигэр барытыгар сылдьыбыт, ол курдук, маһы охторон, мастаан, тиэйсэн оҕо да, обургу да саастара үлэҕэ эриллэн ааспыттар. «Таҥас олох суох буолан атах сыгынньах сайылыыр этим», «Күһүн таһырдьа ынах саахтаатаҕына, сүүрэн тиийэн онно атахпын сылытаары турар этим, бу сылааһа үчүгэйэй!», «Кыһыннары, сайыннары от-мас үлэтэ буоллаҕа», – диэн кыра кыыһыгар кэпсиир эбит. Урут наар балыктыыр эбит. Күөнэххэ туулуур. Дьолоҕойго эмиэ туулуур (сордон оҕото). Ол курдук, наар бултаан, балыктаан аһыыллар эбит.
Хос эбээбит 77 сааһыгар бу орто дойдуттан барбыта. Кини үчүгэй үлэтин иһин элбэх наҕараадалардаах.
- «Тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ» («Ветеран тыла и труда»)
- «Ийэ албан аат» мэтээл (Медаль «Материнская слава»)
- «Коммунистическэй үлэ ударнига» («Ударник коммунистического труда»)
- «Социалистическэй күрэхтэһии кыайыылааҕа» («Победитель социалистического соревнования»)
Хос эбээбитинэн киэн туттабыт!
Ахтыыны бэлэмнээтэ Потапова Аня, 10«а» кылаас үөрэнээччитэ,
«ОхлопковNews» медиа киин кэрэспэндиэнэ