Чурапчы улууһун Кытаанах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Чурапчы педучилищетыгар үөрэнэ сылдьан 1938 с. Дьокуускайдааҕы байыаннай оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ. 1939 с. ЯНВШ-ны ситэ бүтэрбэккэ Иркутскай уобалас Мальта байыаннай лааҕырыгар ыыппыттара. Онно младшай командир (сержант) званиелаах, кадровай байыаннай үлэһит киһи рядовой саллааттары байыаннай билиигэ, өйгө-санааҕа, техникаҕа, дисциплинэҕэ, бэрээдэккэ үөрэтэн барбыта. Маннык дуоһунаһынан Москва анныгар турбут байыаннай лааҕырга эмиэ үлэлээбитэ. Аҕа дойду сэриитэ саҕаланыытыгар ол лааҕырыгар баар этэ. 1941 с. от ыйын 14 күнүттэн сержант Владимиров отделение командирынан Смоленскай куорат туһаайыытынан инники кирбиигэ киирбитэ.
Оччотооҕу кырыктаах сэрии суоһа-содула инчэҕэй эттээх тулуйбат үлүгэрэ. Фашисткай армия харса суох кимэн иһэрэ. Отделение командира хамаанда кэллэҕинэ аан бастаан ыстанан тахсара: «Отделение, вперед!» — диэн хаһыытаат, инники сүүрэрэ. Сэрии түгэнигэр отделениетын дьонун салайа иһэрэ. Оннукка биллэн турар, сержаннар, офицердар үгүстүк стройтантуорууллара.
Хос эһэм Смоленскай туһаайыытынан кыргыһыыга Рокоссовскай Армияттан 449-с стрелковай полкатыгар, ротаҕа отделение командирынан улахан кыргыһыыга кыттыбыта, 1941 сыл атырдьах ыйын 13 күнүгэр бааһырбыта. Бааһырыыта халымыр буоланчааһыгар, 449-с стрелковай полкаҕа төннөн кэлбитэ. Салгыы сэриигэ киирэн барбыта.
Смоленскай анныгар төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэн, биир ротаттан 16 эрэ киһи ордубут. Бу улахан кыргыһыыга эрдээхтик сэриилэһэн, «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмытын кэлин, 1968 сыллаахха дойдутугар туппута.
1942 с. бэс ыйын 19 күнүгэр иккистээн бааһырбыта. Бу сырыыга ыараханнык бааһыран, 4514-с эвакуационнай госпитальга сытан эмтэммитэ. Салгыы сэриилэһэр кыаҕа суох буолан, Аҕа дойду сэриитин 2-с группалаах инбэлиитигэр таһааран, сулууспаттан тохтоппуттара. 1942 с. балаҕан ыйыгар дойдутугар эргиллибитэ.
Дойдутугар кэлэн Амма, Кытаанах оскуолаларыгар военругунан, интернат иитээччитинэн үлэлээбитэ. Уһун сылларга колхоз, совхоз производствотыгар саамай эппиэттээх биригэдьиир үлэтигэр сылдьыбыта, кэлин Субуурускай аатынан совхоз Килэнки отделениетын суоччутуан үлэлээбитэ. Оскуола оҕолоругар, ыччаттарга Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар советскай норуот хорсун быһыытын үгүстүк сырдаппыта.
Хос эһэм Григорий Гаврильевич 10 оҕоломмута. 1972 с. ыалдьан өлбүтэ.
Потапова Сахаайа, «В.С.Яковлев аатынан Кытаанах орто оскуолатын 3-с кылааһын үөрэнээччитэ»